Page 276 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 276
Орто оскуоланы 1981 сыллаахха бүтэрэн баран үс сыл ыанньыксытынан
үлэлээбитим. Бастакы сыл үлэлиирбэр эргэ хотоннорго түбэспитим. Хотон-
норбутун күһүн хаар түспүтүн кэннэ бэйэбит сыбыыр этибит. Бастаан утаа
саах сыбаҕы кыайан сыбаабакка ытыы сыһар этим. Ийэм барахсан кэлэн
хайдах сыбыыры көрдөрөн, сүбэлээн биэрбитэ. Сааскы кэмҥэ ынах маасса-
бай төрөөһүнүгэр ийэбинээн иккиэн түүн кэлэн төрүүрэ чугаһаабыт ынах-
тарбытын бэрэбиэркэлээн барарбыт. Ити курдук үс сыл сопхуоска ыанньык-
сыттыыр кэммэр ийэм барахсан элбэх сүбэни-аманы биэрбитэ, көмөнү оҥор-
бута.
Биһиги ийэбит улахан баҕайы саҥалааҕа, билбэт, бастаан истибит дьон:
“Кыыһыра сылдьар”, — диэхтэрин курдуга. Бэйэтэ: “Саҥам оннук буол-
лаҕа”, — диэн сэмэйдик күлэн кэбиһэрэ. Ийэбит элбэх дьүөгэлээҕэ, дьоҥҥо
истиҥ сыһыаннааҕа, дьиэтигэр ыалдьыт киирдэ да, остуолун тарпытынан
барара, кини чэйэ өрүү сылаас турара. Улахан убайбыт Михаил Николаевич
1976 сыллаахха дьиэ кэргэнинээн саҥа дьиэ туттан киирэригэр ийэм биһиги-
ни илдьэ барбыта. Кэлин ийэбит төрөөбүт, олорбут сириттэн нуучча дьиэтин
аҕалан туппуттара, иһин штукатуркалаабыттара, кырааскалаабыттара, онон
бэртээхэй дьиэлэммиппит. Ийэбит бу орто дойду олоҕуттан барыар диэри ол
дьиэтигэр олорбута. Өр сылларга кыра уолунаан Бүөккэнньигинээн олорбу-
та. Улахан уолун Михаил оҕолорун төрдүөннэрин оҕолоспута, көрбүтэ-исти-
битэ. “Киһи дьарыктаах, үлэлээх буолуохтаах”, — диэн чааһынай хотонун
өргө диэри бэйэтэ көрбүтэ, сүөһүнү олус сөбүлүүрэ.
Мин 1984 сыллаахха улахан убайым үөрэммит сиригэр Бурятияҕа мелио-
ратор идэтигэр үөрэнэ барбытым. Бүтэрэр сылбар олохтоох, бииргэ үөрэм-
мит уолбар кэргэн тахсыбытым. Кэргэним Егоров Петр Эдуардович диэн
омугунан бүрээт. Оччотооҕу политика содула буоллаҕа, төрөөбүт тылын бил-
бэт, нууччалыы эрэ саҥарар, кэпсэтэр. Ийэм күтүөтүн тута сөбүлээбитэ:
“Үчүгэй киһиэхэ түбэспиккин, эһиэхэ санаам бөҕөх”, — диэн ийэм ол саҕа-
на эппитин тоҕо эрэ үчүгэйдик өйдөөн хаалбыппын.
Ийэм күтүөтүн кытта кэпсэтэригэр билэр тылларын нууччалыы саҥара
сатыыра. Ону дьүөгэлэрэ: “Маайакабыт нуучча күтүөттэнэн нууччалыы эрэ
саҥарар буолбут”, — диэн дьээбэлэһэллэрэ. Сайын аайы кыыспын илдьэ
сайылыы кэлэрим. Күһүн атырдьах ыйын бүтүүтэ, кэргэним уоппуската бүтгэ-
ҕинэ төттөрү барарбыт. Мин сайылыы кэлэр кэмнэрбэр эдьиийим Роза Хо-
мустаахтан үс оҕотун илдьэ эмиэ сайылыы кэлэрэ. Онон дьиэбит иһэ толору
киһи буолара. Биһиги уоппускаҕа кэлэрбитигэр ийэбит хайаан да кус, куо-
бах хаһаастаах буолара. Ийэбитигэр кэллэхпитинэ үрүҥ аһы тото сиирбит,
суораты олох быспат этэ. Эдьиийбинээн Розалыын баар кэммитигэр: “Ана-
раа дойдуга өр сытан эрэйдэммэккэ, оҕолорбун эрэйдээбэккэ барбыт киһи,
— диэтэҕинэ, биһиги: Эмиэ ону-маны саҥарда, аньыы даҕаны”, — диэн кэп-
сэтиини атыҥҥа уларытааччыбыт. Ийэбит барахсан, ол барыта биһигини,
оҕолорун, харыстыыр санаата эбит. Бэйэтэ баҕарбытын курдук, өр сыппак-
ка, 1990 сыл балаҕан ыйыгар олохтон бараахтаабыта.
Биһиги дьиэ кэргэнинэн 1991 сыл, орто эдьиийим Роза Николаевна оло-
рор Хомустааҕар көһөн кэлбиппит. Бу дойдуну сөбүлээн олохсуйарга сана-
нан уһаайба ылан, дьиэ туттубуппут. Мин 1997 сылтан олохтоох библиоте-
каҕа библиотекарынан үлэлиибин. Кэргэним почтальон-доставщигынан үлэ-
лиир. Кыыспыт Оксана ХИФУ-га үөрэнэн психолог идэтин ылбыта. Били-
гин Лөгөй нэһилиэгэр баар Саха-Бельгийскэй гимназияҕа психологынан үлэ-
лиир. Кэргэнэ Ньургун Петухов ХИФУ физкультурнай институтун 2010 сыл-
лаахха бүтэрбитэ. Сиэммит Кристина биэс сааһыгар барда, оҕо-садыгар сыл-
272

