Page 30 - Дүпсүн сирэ
P. 30

даах, баттаҕа маҥхайарын ааһан саһарбыт аарыма кырдьаҕас сөҕүмэр киһи аан
          аһыллыбыт,  киһи  киирбит  салгынын  билбиттии  ибир  гынан  хамсаан,  икки
          илиитин  сиргэ  тиийэ  санньыппытын  аатын  аҕай  өрө  тардынан  чарчыстаҕас
          биэс бакыр тарбаҕын адаарытан,  муус баһар хоппо саҕа куура хаппыт ытыһын
          халтаһатыгар тиэрдэн чарапчыланан,  бүтүн бэйэтэ элэ-сылба бөҕөтүнэн хаал-
          дьыгын  эргитэн,  киирбит  ыалдьытын  энчирэппэккэ-тонолуппакка  одуулас-
          пыт.  Ол  үлүгэр  кыаллыбат  буолбут  бэйэкэтэ,  күүһүн-сэниэтин  мунньунан,
          көхсүн иһигэр үлүгүнэйэн сана таһааран: «Бу хантан, хайа диэки хааман иһэр
          ыччатым,  хантан  хааннаах,  кимтэн  кииннээх  этиҥиний?»  —  диэн  кэпсэтии-
          ни  былыргылыы  сиэрдээхтик  саҕалаабытыгар  ыалдьыта  толло  көрөн,  соһуйа
          быһыытыйан туох да диэҕин булбатахтыы олоро түһэн баран:
             —  Бэрт  ырааҕа  суох  сиртэн,  —  диэн  эрэ  хардарбытын  ол  сүдү  киһи  лоп-
          бааччы:  «Былыр  киһи  курдук  эдэр  эрдэхпинэ,  хараҕым  кылааннааҕар  дьону
          киһини харахпынан  көрөммүн эндэппэт буолар этим»,  — диэбит.
             —  Кукаам,  сэрэйдэхпинэ,  мантан  туе  хоту  Алдан  тардыытыгар  олохтоох
          Күтүр  Эмээхсин улахан  оҕото  Суор  Букдук диэн  ыччаттара  буоларыҥ дуу,  —
          диэт  харда  эрэйбиттии  илиитин-атаҕын  ибир  да  гыннарбакка,  сирэйин  хоту
          супту одуулаан иһиллээн, кэтэнэн олорбутугар Суор Букдук болҕомтолоох, би-
          лигэс ытык киһиэхэ: «Кырдьаҕаһым, сөпкө таайдыҥ, ол буолабын», — диэн хо-
          руйдаабыт.  Оҕонньоро аа-дьуо иэгэйэн-эргиллэн, уотугар хайыһан,  уккунньах
          маһын  үтэйэн,  күөдьүтэн  баран:  «Эдэр-сэнэх  эрдэхпинэ,  билгэһит-чинчиһит
          дэппит киһи этим.  Ол бэйэм сааһым  элбээн, быһа охсубут аҥарым буолан бу-
          катын  буорайан  бүтэн  олордоҕум.  Икки  сүүс  хаарбыттан  элбэх өттүн  ыллым.
          Миигин истэр эбит буоллаххына, билгэлэттэрбин диэн саныырыҥ буолуо, ону
          ити  тылын'  тахсыбакка  олорор  быһыылааххын,  кыбыстыма.  Бу  аттыбар  баар
          лөөкөйгө  кэлэҥҥин  туппалаан  көрүөхпүн  олорон  кулу»,  —  диэн  эппитигэр,
          дьиҥэр  уруккуттан  санаабыт  санаатын,  өйдүөбүт  өйүн  этиттэрдэ.  Эҥин  эр-
          гийэн, түгэн түөһүйэн кини бэйэлээххэ таба хааман ытык тусаһатыгар тиийэн
          кэлбит  эбит.  Ол  иһин  улгум  бэйэлээхтик сөбүлэнэн  көҥүллээбит лөөкөйүгэр
          сыҕарыйан  аттыгар  олорон  биэрбитин,  ахтар  айыыһыг  хотун  бар  дьон  орто-
          тугар  уһуннук  олор,  өр  үйэлэн,  сүбэлээ-билгэлээ  диэн  анаан-минээн  айбы-
          тыгар  сөптөөх  аҥаарыйар  аарыма  киһи  аҥаар  илиитинэн  аат  харата  сиһин
          тоноҕоһуттан  бүлгүнүгэр  диэри  өрө  имэрийэн,  туппалаабыт  илиитин  араар-
          бакка,  иһиллээбиттии  илиитин  санньытан  олорбохтоон  баран,  үөһэ  өрө  имэ­
          рийэн  таһааран,  киһитин  төбөтүн  оройун  өрө  туппалаабыт  уонна  илиитин
          ибир  гыннаран  туппутунан  олорон:  «Эппитим  курдук,  эдэр-сэнэх  эрдэхпинэ
          тарбахпынан  кээмэйдиир,  илиибинэн  мээрэйдиир  киһи  этим»,  —  диэбит.  —
          «Эгэлгэни  туппут,  билбит  илиилэрим  субу  иинэн-хатан,  сытыы  харахтарым
          көрөллөрө мөлтөөн,  кырдьыы-буорайыы  сыҕарым уһугар чугаһааммын олоро-
          бун  быһыылаах.  Ол  да  гыннар  билбиппин-санаабыппын  эттэхпинэ  сатанар.
          Үллэр  үйэбэр,  саллар  сааспар  эйигинниин  иккис  үчүгэй,  ситэри  чинчилээх
          киһини көрдөҕүм буолар. Ол биирэ мантан тус илин диэки, сайыҥҥы күн тах-
          сыытын соҕуруу кырыытынан бадахтаах  Кыыс Хаҥа диэн үтүө сиргэ төрөөбүт
          Майаҕатта диэн этэ.  Кини эмиэ эн бараллаата, арыычча айах ыла аҕа саастаах,
          билигин эмиэ күөгэйэр  күнүгэр сылдьар  киһи буолуохтаах».
          26
   25   26   27   28   29   30   31   32   33   34   35