Page 35 - Дүпсүн сирэ
P. 35
куйаҕын алааска таһааран Көҕүһүннээх күөл тоҕус чомчоҕойдоруттан биирдэс-
тэригэр аарыма тииккэ уйалана сытар көҥөс кыыл чугаһыгар көмпүтэ үһү.
Көмөрүгэр: «Уһуктаахха дьөллүбэккэ, биилээххэ бэттибэккэ сааспын уһаппыт,
үйэбин моҕоппут кыргыс таҥаһа үйэлэр тухары сүт, саас тухары сас. Арай
мин саҕа күүстээх, бухатыыр киһи удьуорбуттан ууһаатаҕына эрэ көстөҥҥүн,
кини соргутун сонотоор, мин ааппын ааттатаар», — диэн сөһүргэстээн олорон
алҕаабыта үһү. Куйаҕын кытта бииргэ ох саатын, кэһэҕин көмөөрү гынан ба
ран: «Оҕолорум, бар дьонум кэриэс гынан көрө сылдьаллара ордук буолсу»,—
диэн төттөрү илдьэ барбыт. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии иннинэ ити сиргэ
ынах хомуйа сылдьар биир дьахтар хаатты саҕа элбэх тимир сытарын көрбүт.
Кэлин ону көрдөөн булбатахтара дииллэрэ. Дьахтар көрбүт сирин ыйан биэ-
риэн айыырҕаабыт буолуохтаах. Ол Лаҕа куйаҕа буолуохтаах.
Лаҕа Баатыр оччолорго үөскээбит бухатыыр дьоннооҕор кыра киһи этэ диэн
үһүйээҥҥэ кэпсэнэр. Үрдүк сүүстээх, көп хаастаах, киэҥ эрилкэй харахтаах,
киэҥ таныылаах, быһа ньимийэ сылдьар уостаах, моонньо суох биир дьүрүс
мүрү-мүлтүгүр сарыннаах, түөрт кырыы буолан көстөр толоос суон, сүөргү
уһун илиилээх киһи эбитэ үһү. Илиитэ бэрбээкэйигэр тиийэрэ үһү. Аат аат-
таан, сурах сураан охсуһа-кыргыһа кэлэр бухатыырдар суолга көрүстэхтэринэ,
бэйэтиттэн Лаҕа олорор сирин ыйдардахтарына, сэрэйиэхтэрэ диэн илиитин
кистээн сис туттан туран дьиэтин чопчу ыйан биэрэр идэлээх эбит. Лаҕа бэрт
элбэх охсуһууну наар кыайыынан түмүктээбит, иирээннээх-араллааннаах айан-
нартан этэҥҥэ эргиллибит, үгүс бухатыыр уһун уҥуоҕун урусхаллаабыт, кыл-
гас унуоҕун кыдьымахтаабыт киһи эбит. Кинини бэйэтин өлөрөн, өрөгөйдөөн
бараары дьиэтигэр кэлэн кэттэрэллэр, суолга тоһуйан охтоллор, эккирэтэн
эчэйэллэр эбит. Ол гынан баран бэйэтэ соруйан тиийэн оҥорбута, анаан баран
алдьаппыта суоҕун туһунан сэһэннэргэ бэлиэтэнэр. Кини сытыары-сымнаҕас
майгылаах, сүрдээх оонньуулаах-күлүүлээх, дьээбэлээх киһи буоларын туһунан
элбэх кэрэ кэпсээн биһиги үйэбитигэр тиийэ кэлбитэ кэрэхсэбиллээх. Он-
тон охсуһан-өлөрсөн бардаҕына хаана-сиинэ өһөҕүрэн, мэктиэтигэр хараара-
хараара кытаран ылара үһү.
Лаҕа төрөппүттэрин, кэргэнин туһунан быстах-остох кэпсээннэр бааллар.
Сэттэ уоллааҕа кус мөлтөхтөрүн сөҕөн сэһэннэргэ кэпсэнэр.
Захар Иванович Шергин,
2003 сыя
Тиит Буурай туһунан тиһиктээх номох
Бу сэһэни 1947 сыллаах күһүн балаҕан ыйыгар Эдьээнтэн төрүттээх, кэ
лин Ааллаах Үүҥҥэ Аанча үрэххэ олохтоох көмүс бириискэтин факториятыгар
үлэлээбит Кирилл Хотохооноп диэн киһи Дүпсүҥҥэ төрүттэрин билсэ кии-
рэн иһэн, Ат Өттүүр диэн Сараах сиригэр хоно сытан кэпсээбитэ. Кини аҕата
Моой Ытаабыттан саҕалаан Ааллаах Үүн көмүһүн арыйбыт. Онтон тугу өйдөөн
хаалбыппын суруйдум. Сорох ааттар баҕар сыыһа буолуохтара ону көннөрөн
өйдөөҥ. Архыып дааннайдарыгар үгүстэрэ сөп түбэһэллэр.
Былыргы дьыллар быыстарын сэгэтэн көрдөххө, сахалар атын омуктары кыт-
31

