Page 37 - Дүпсүн сирэ
P. 37

лаах,  4  арсыын  уһуннаах  үҥүлээх  эбит.  Кураахтаах  кэһэҕэр  иккилии  арсыын
         уһуннаах кынаттаах 30 охтооҕо үһү.
           Дьэ итинник киһиэхэ Тиит Буурай кэлэн холомо дьиэ чаампытын баҕанаты-
         гар сөрүөстэн саһан турбут. Түүн үөһэ лаппа ааһыыта аан олуура халыгыр гына
         түспүт уонна  ыйдаҥатааҕы  тиит  күлүгэр  майгынныыр  киһи  күрдьүккэ  баран
         эрдэҕинэ,  кэннигэр  түһэн  тутуһуу  буолар.  Бэрт  Хара  хаһыыра  түһэн  баран
         эргиллиитигэр,  Тиит  Буурай  икки  өттүгүттэн  харбаан  ылан  илгиэлээбитигэр
         Бэрт  Хара  кура  быһа  ыстанан  Тиит  Буурай  илиитигэр  буолар  да,  кыайбатын
         билбит Тиит  Буурай төттөрү ыстанан, хоту кэлбит суолун устун буурдуу турар.
         Бэрт  Хара  ытыһа  кытаран,  киҥэ-наара  холлон  сарсыарда  халлаан  сырдыыта
         киһитин суоллаан, батыйалаах, ох саалаах эккирэтэр. Онно көрдөҕүнэ 9 ыллар
         хаамыынан  ойуолаан  сүүрбүт  суолун  көрөр.  Эмиэ  7  көһү  кини  киһи  тулу-
         туо дуо,  Бээди  алааска күн ортото тиийэн  кэлэр.  Арҕаа тумул  үрдүгэр тахсан,
         ох  саатынан  анаабыллыы  кыҥаан  олорон  суордуу  хааҕыргыыр  уонна  соххор
         оҕунан  ытан бэлиэ биэрэр.  Онтуката оһох үөлэһин доргутан  буор таммалыыр.
            Ону  билэн  хамначчыт  уолунан  чуҥнаталлар.  Уол  киирэн:  «Арҕаа  тумул
         үрдүгэр  наһаа  улахан  киһи  далла  мэндэйэн  ох  саанан  анаабыллыы  олорор,
         таһырдьа тахсыман !»  — диир.  Дьэ  онно  эрэ Дагдаһын баай  уола Тиит  Буурай
         туту эрэ онорон баран түүн кэлэн  утуйа сытарын сэрэйэр. Аны сыттыгын ан-
         ныгар кэтит куру уктубутун көрөн  соһуйар.
            Оҕонньор  аан  аттынааҕы  чуолҕанынан  көрбүтэ  кини  уолуттан  таһыы  ула­
         хан суодал хара киһи аҥаар атаҕынан тобуктаан  баран ох саанан аҥаабыллаан
         олорор үһү.
            Соһуйуу-өмүрүү,  куттаныы  буолар Дагдаһын  оҕонньор  кыл  күлбүһэҕинэн
         уолун сирэйин таһыйан уһугуннарар.
            —  Олорбуппут  сыччах,  имниин  эстэр  буолбуппут,  бөөлүүн  туту  онорон
         кэллин  нойон? — диир. Уол соһуйан уһуктар эмиэ туран чуолҕанынан көрбүтэ
         били дьиибэлээбит Бэрт Харата буоларын билбит.  Уол кинини  кытта тулуспа-
         тын билэн төбөтүн сиргэ кырбыыр.
           Ону  көрөн  аҕата  ыксыыр,  Бэрт  Хараны  оннооҕор  Дыгын  бэйэлээх  тыып-
         пакка  атахха  биллэрбитин  истэрэ.  Күнүс  сүөһү  уулата тахсыбаттар.  Сүгүлээн
         боҕө буолар, ас астыыллар, байтаһын сылгы холлоох буутун чугуун алгыйдарга
         үс оһоҕунан  буһараллар.  Уохтаах  кымыс оҥороллор,  алаадьы  буһараллар,  хат-
         та,  иэдьэгэйдии ньоҕойуу лэппиэскэ,  боппууда сүөгэйи астыыллар.
           Ол  кэннэ  Дагдаһын  баай  Таастаах  Таарбаҕантан,  Киистээх  Дэриэспэттэн
         эргинэн  булбут  түөһүгэр  күннээх  хара  саһыл,  уоттаах  кыһыл  саһыл,  тараах
         өннөөх  таарбаҕан,  Киистээх  Дэриэспэ  тоҕус  толомон  кииһин  тириитин  3
         киһиэхэ туттаран,  саар кытыйаҕа сылгы хаттатын,  ойоҕоһун толору уган,  боп­
         пууда  истээх  чорооҥҥо  арыылаах  кымыһы  кутан,  тоҕус  киһи  арыалдьыттаах,
         кэрэмэс саһыл дэйбиирдээх көҕүл битииһиттээх дьиэттэн тахсан арҕаа тумулга
         бараллар.  Онно  үс  кыһыл  саһылы  утары  уунан  бэдьэкэ  үнкүүнэн  битийэн,
         кулан дэгэрэҥ үҥкүүнэн ойон  иһэллэр.
            Бэрт Хара үөс тардыһан өлөрсөр сэптэрэ суоҕун корон уонна кулан дэгэрэҥ
         битиини көрөн кыргыс сокуонунан уоскуйа түһэр. Сыыры өрө дабайан сыҥаһа
         кирбиигэ тохтооннор нохто бокулуон уураллар. Дагдаһын оҕонньор дьонун ин-
                                                                                   33
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42