Page 39 - Дүпсүн сирэ
P. 39
Тиит Буурай алтан тиэрбэстээх куйаҕын кэтэн таһырдьа тахсан күпсүк
хаххаҕа туран ытыалыыр, онно дьонноро арыы бэстэргэ өрө сүүрэн тахсаннар
үөһээ бэс мае төбөтүн үмүрү тардан, бэстэн бэскэ ыстанан тумус тыа кэтэҕэр
түһэн хаалаллар. Онтон сотору уонча табалаах киһи ойутан тахсан, илин
халдьаайынан куоталлар. Онно ытыалаан биир киһини такымын быһа ытан
охторор, тоҕус киһи куотан хаалар. Тиит Буурай ол киһини аҥаар атаҕынан
кылыйан сүүрэн эрдэҕинэ тутан ылар уонна: «Үрүҥ күҥҥүн кытта бырастыы-
лас, кэпкин туон!» — диир. Онуоха киһитэ маннык саналаах буолар:
— Бу биһиги былыргы өбүгэбит сирин көрө-билэ кэлбиппит. Илин Алдан
түбэтигэр Майда үрэххэ олоробут, туматтар диэн дьоммут. Манна аймахтар-
быт Дыгда Баай удьуордара баар буолуохтаахтар, — диир. Онно Тиит Буурай
биирдэ өйдөөбүтэ Өспөх Дыгдаалыгар кырдьык оннук дьоннор баалларын, со-
рохторо кини эһэтэ Булгаһы Даххан уруулара буоларынан бу киһини тыыннаах
хаалларар. Сураһан билбитэ Майыыда (Майда) үрэххэ Эдьээн быыһыгар оло-
рор Анды Баалыыр диэн тойонноохтор эбит. Анды Баалыыр 9 ойохтоох, онтон
маанылаах ойоҕо Сүлүүдэ Мөлбөстүүр диэн тумат хааннаах олус кэрэ толуу
дьүһүннээх бас-көс буолар кыыс дьахтардаах эбит. Анды Баалыыр олохтоох
сиригэр тонустары кытта булкуһан олорор. Кини Анды оҕото түөрт харах буо-
луута, күөх табытал анньыыта үрэх кытыытыгар титирик тоһоҕо анньан, ону
талаҕынан үүйэн, сайба оҥорон, сүүһүнэн андыны куолайынан куллурҕаан
ын ыран сайбаҕа киллэрэн, уһун уктаах чомпо куйуурунан халбыйан ылан сии-
рэ үһү. Ол андыны ыныран баалыыр диэн Анды Баалыыр диэн ааттаабыт-
тар. Кини кыргыска барар аата — Анды Баатыр. Тиит Буурай киһитин атаҕын
отоһутунан туттаран эмтэтэн үтүөрдэр уонна сааскы Ньукуолун кэнниттэн
оҥостон, Өспөхтөн уон табалаах тонустары талан ылан үҥүү-батас туттарар
уонна Дүөндү алааска олохтоох эмиэ уонча хорсун сэрииһит хотохооннору
ылан, өргөс туттаран, били тумат киһитин сирдьит оҥостон, Анды Баатыры
сэриилии, бастыҥ ойо^ун ылаары Майдалыыр.
Сайын түүннэри-күннэри айаннаан биэс хонон Моой Ыйаабыкка Эдьээн
таас үрэх үрдүгэр тиийэллэр. Онно тиийэн хоно сытан көрдөхтөрүнэ, дьах-
талларын сыалдьаларын иннэлигэ көмүс ытарҕалаах, көмүс тиэрбэстээх эбит-
тэр. Ыйытан билбиттэрэ Моой Ыйаабыт Майыыдаҕа (Майдаҕа) түһэр таас
үрэҕиттэн көмүһү сууйан ылаллар эбит. Ону кинилэр билбэттэр, көннөрү
сырдык таас дииллэр эбит. Ону туой чохооҕо уулларан киэпкэ куталлар эбит.
Сарсыныгар эрдэ туран майдаҕа тахсаллар. Сүүрбэ табалаах, аттаах кыргыс сэ-
риитэ Майда хайатын анныгар турар ураһа холомоҕо чугаһыыллар. Эмискэ хо-
ломо дьиэлэ арылла түһэр да, алта-сэттэ охтоох дьон холомоҕо эриллэ сылдьан
ытыалаһаллар, онно дойду сиртэн тахсыбыт сэттэ киһи охтор. Табалар-аттар
үрүө-тараа ыстаналлар. Тиит Буурай атынан ойутан тиийэн Анды Баатыры
кытта ат үрдүттэн саабыланан, батыйанан киирсэр. Анды Баатыр дьиэтин эр-
гийэ сылдьан кылыһынан Тиит Буурайы дайбыыр да киһитэ харытын тоһуйан
биэрэр. Онно көрдөҕүнэ киһитин харытын унуоҕа тыаһыыр да илиитэ быс-
тыбат. Тиит Буурай Анды Баатыры ат үрдүттэн батыйа өнчөҕүнэн сүнньүгэ
охсон дөйүтэн түһэрэр уонна хабарҕатын хараҕалаан туран кэпкин туон диир.
Онуоха Анды Баатыр: «Туматтан хааннаахпын, тоҕус ойохтоохпун, онтон та-
35

