Page 41 - Дүпсүн сирэ
P. 41

—  Бу  хайдах  эрэ  хааннаах  дьон,  испэр  киллэрбэппин,  эмискэ  бөрө  си-
         рэйдэнэллэр,  өһүөннээх  харахтаналлар,  барыма!  —  диир.  Ону  Тиит  Буурай:
         «Үөдэттэр тугу гыныахтарай, хайа ычаларынан миигин утары көрүөхтэрэй, ба-
         рабын!» — диир.  Болдьохтоох күн тиийэн кэлэр. Тиит Буурай ыһыахха сылдьа
         арҕаа  диэки  суодайа  турар.  Өйдөөх  дьахтар  уйулгута  хамсаан  түптэ-түрүлүөн
         үрдүгэр  түһэн  хомуммутунан  барар.  Сорукка  сылдьар  Чыппа  Мэргэни  кэр-
         гэнин  чунната  ыытар.  «Өскөтүн  эрбии  өлөрдөхтөрүнэ  бэрт  түргэнник  кэлэн
         этээр»,  —  диир.  Кини  өссө  сүктэн  киирэн  истэҕинэ,  Уу  Бээди  унуор  турар
         Тиит Буурай дьиэтэ умайан кытыастан эрэрин көрбүтэ, ону эригэр көрдөрбүтэ,
         кини эмиэ көрбүт уонна атыттан ыстанан түһэн күөлү быһа туораары ууга кур-
         данарыгар диэри  киирбитин  кэргэнэ сарыы  сонун тэллэҕиттэн харбаан  соһон
         таһаарбыта.  Ол кэмҥэ уоттара суох буолан, дьиэлэрэ туох да буолбакка турара
         көстүбүтэ.  Онтон  ыла бу алааска туох эрэ буолуохтааҕын күүтэрэ.
            Арҕаа  баҕарахха  булгунньах  таһыгар  сарыынан  сабыллыбыт  улахан  моҕол
         ураһа  туруорбуттар,  үөмэс-аамас  көтүү,  сүүрүү  бөҕөтө  үһү.  Таһырдьа  сири
         иһиттэр  ыйаммыттар,  үс  оллооҥҥо  сылгыны  садаҕа  быһан  холлору,  буутта-
         ры  ыйаан  сатлан  буһара тураллар.  Тиит  Буурайга тойотторо  кэриэн  ымыйата
         чорооҥҥо кымыстаах көрсөр.
            Онтон диэли арыйан ураһаҕа киирэн иһэр Тиит Буурайы диэл икки өттүттэн
         хонноҕун  анныгар тайыылаан  үҥүүнэн түһэллэр.  Онуоха  Тиит  Буурай  эргил-
         лэ түһэн,  икки  илиитинэн  кэннитэр  былас дайбаан  аан  икки  өттүгэр холбоҕо
         саһан  турар  үҥүүһүттэри  үлтү  охсон  өлөртүүр,  эргиллиитигэр  2  үҥүү  укта-
         ра  тосту  бараллар,  бэйэтэ  арҕаа  диэки  сүүрэн  кыра  өндөл  булгунньахха  өрө
         сүүрэн  тахсан  охтон  хаалар.  Кини  сэбэ-сэбиргэлэ  суоҕа.  Ону  ураһа  иһиттэн
         уонча үн үүлээх дьон эккирэтэн тахсан хабарҕатыгар, сүрэҕэр тайыылаан тыын
         салгыыллар.  Ону кэтии барбыт Чыппа  Мэргэн алаас саҕатынааҕы чаллах тиит
         төргүү мутугар олорон  көрөр.  Онтон  ыстанан түһэн хотунугар сүүрэр.
            Ити  кэмҥэ  Сүлүүдэ  Мөлбөстүүр  үстээх  уолун  кэннигэр  солко  куру-
         нан  бэйэтигэр  сыһыары  баанан,  сүктэн  кэлбит  атын  үрдүгэр  бэлэм  олоро-
         ро.  Аттыгар  сэргэҕэ  сирдьит  киһитэ  ыныырдаах  атын  аттыгар  турбута.  Чып­
         па  Мэргэн  сүүрэн  кэлэн  тугу  көрбүтүн  кэпсиир.  Онтон  сирдьит  киһитэ  ат
         үөһээ  түһэн  инники  ойутан,  Бээди  соҕуруу  аартыгын  диэки  ыстаннараллар.
         Алааһы  ортолоон  иһэн  көрдөхтөрүнэ,  үҥүү,  батас туппут дьон  үөс тардар ый-
         хай хаһыытын түһэрэннэр уонча атынан  кулуннуу ууннаран  иһэллэрэ  көстөр.
         Сүлүүдэ  Мөлбөстүүрдээх  Бээди  куула  аартыгынан  ойутан  тахсан  арҕаа.  Нам
         диэки  айанныыллар.  Кинилэр  Даалынан,  II  Хомустааҕынан  өрүһү  туораан
         Атамайга  Көдөгөй  баайга  тиийэллэр.  Онно  олохсуйан  Көдөгөй  о1}онньорго
         дьахтар  дьиэһит  буолар.  Сирдьитэ  сылгыһыт  буолар.  Сүлүүдэ  Мөлбөстүүрү
         кэрэтин  иһин  Нам  бэртэрэ  аарыгыраллар  да  кэргэн  тахсыбат.  Көдөгөй  баай
         кининэн  ньуур  туттан  аата-суола  ыраатар.  Сымыйанан  кыыһым  диир.  Араас
         ааттаахтар дьахтар кэрэтин  көрөөрү кэһии, бэлэх-туһах биэрэллэр.  Ити  кэмн э
         орочооннор Тиит  Буурай сирин-дойдутун,  баайын бас билэн  силигилээн оло-
         роллор.  Бастаан  дьахтары  куоттарбыт  абаларыгар  Тиит  Буурай  миинэр  атын
         үн үү-батас үрдүгэр түһэрэн түһэхтэрин хаанныыллар.  Ити курдук  15 сыл оло-
                                                                                    37
   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46