Page 35 - Березкин И.Г. Сайсары күөлэ уонна Сайсары булгунньаҕа
P. 35

тохтотон бэлэм иитиилээх сааларынан Сайсары булгунньаҕын
       диэки ытыалаппыт. Онтон Галкиннаах аппа уута биэрэккэ
       тиийэн тохтуур билиитинэн түргэнник уҥуоргу өртүгэр
       тахсыбыттар, онно тохтуур сири булан, сорох ытыллыбыт
       саалар иитиэхтээх эбиттэрэ үһү.
          Чопчу ол түгэндгэ Тыгын дархан, Бордоҥ сэрииһиттэрэ
       түргэнник биэрэккэ сүүрэн киирэн, кэннилэриттэн, Туймаада
       дьонноро Сайсары күөлүн соҕуруу өртүгэр сатыы туораан,
       иннилэриттэн түһэллэригэр ыйаах, биэрбит. Дьэ эмискэ
       охсуһуу улахана, кыргыһыы кытаанаҕа буола түспүт. Кэлбит
       сэрииһиттэрэ бердыш уонна саабыл, олохтоохтор үтгүү, батас
       уонна батыйа күүстэринэн киирсибиттэр. Олохтоохтор охсуһар
       сэптэрэ-сэбиргэллэрэ кэлбиттэр киэннэринээҕэр мөлтөх эбит,
       ол да буоллар тохтоппокко, хас да той чаанньык быстьпга
       охсуһаннар, ону тэҥэ күүстэрэ-уохтара бэрт буолан, аиардарын
       кэриҥин уонна аҕыйах аттаахтарын барытын өлөрбүттэр, өссө
       биир да киһини тыыннаах ордорбот санаалаахтара. Онно
       кзлбит сэрииһиттэр, кытаанахтык кыаттараннар, сорохторо
       Чочур Мыраан кэтэҕинэн, сорохторо ити быраан аннынан
       сатыы Киллэм диэки куоппуттар. Иван Галкин дьонноро
       уонна бэйэтэ Үөдэй аҕатын ууһун тойону rap Сүөргүйгэ
       тиийбиттэр, киии сиригэр хорҕойбуттар.
          Ити сэрии туһунан Иван Галкин 1631 сыллааҕы саас
       ыраахтааҕыга үҥсүүтүгэр: ”Да тех же, государь, якольских
       людей князец Тынин, да князец Бойдон живут на реке Лена
       и с нами, холопами твоими, дрались вся дни и твоего
       государева ясаку нам не дали, и нас, государь холопей твоих
       не хотели из своей земли выпустит. А нас, государь, было
       немного. А как государь, будет ходить из Енисейского остроку
       по многу служилых людей, и тех немирных князцей умирить
       мочио..." — диэн ойуулааи суруйбут эбит.
          Бу улахан охсуһуу уонна кыайыы кэнниттэн, Тыгын
       дархан уонна Бойдуон тойон, бэйэлэрин хорсун сэрииһиттэрин
       кытары, өлбүт дьоннорун хомуйан, атын элбэх дьону-сэргэни
       ыҥырбакка эрэ, үчүгэйдик аһаан-сиэн баран дьиэлэригэр
       тарҕаспыттар, инники өртүгэр маннык холбоһууларын үрэйиэ
       суох буолбуттар.
          Тыгын дархан, үһүйээҥҥэ олоҕуран эттэххэ, аҕыс уонча
       саастааҕар, хомойуох иһин, 1631 сыл күһүнүгэр ыараханнык
       ыалдьан өлбүт. Кини өлүүтүн туһунан мин "Өбүгэлэрбит
       уонна үөлээннээхтэрбит суолларынан” — диэн кинигэм 56
       страницатыгар: "кырдьаҕаһынан өлбүтэ, биитэр туохха эмэ
       түбэһэи өлбүтэ уонна ханна көмүллүбүтэ биллибэт" — диэн
       сөпкө сүрүннээн турардаах эбиппин.
                                  33
   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39   40