Page 194 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 194
Өлбүт буолларгын өндөй,
Өлөр-хаалар күнүм үтүрүйдэ,
Өрүһүйэ тардыый», — диэтэ.
Хантан да кэлбитэ биллибэт,
6180 Хара маҕаас суор
Хааҕыргыы көтөн кэлэн,
Хаҥас өттүлэригэр түһээт,
Хаан Сарахайдаан удаҕан
Эҕирийиэх икки ардыгар
Илэ бэйэтинэн буола охсон,
Сэттэ былас
Дэгиэ хара тыныраҕынан
Хаһыыра-хаһыыра
Хайыта тардыбытынан,
6190 Тоҕус былас
Дьойуо хара тумсунан
Кылана-кылана
Тобулута тоҥсуйбутунан барда.
Эһэ Хара аттаах
Элэс Боотур
Күнэ хараарда,
Көхсө кыараата,
Көмө көрдөһө турда.
Элэс Боотур
«Кылааннаах уһуктаах
6200 Кыыс Ньургун бухатыыр,
Иэйэр-куойар
Саҥам иччитин
Икки тэргэн ыйым
Тэҥэ буолбут
Кэрэ чуор кулгааххынан
Иһиллээн сэгэй!
Кэргэммин эккирэтэн
Кэниэрдээх, кырыыстаах
Кэрис бараан дойдуга
6210 Киирэрбин кытта,
Үөс Тардар

