Page 196 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 196
180 П. В. ОГОТОЕВ
Кылааннаах упуктаах
Кыыс Ньургун бухатыыр
Кыа-хаан олбохтоох
Кыырыктаах кыргыһыы
Тохсус түүннээх күнэ
Томтойо туолуутугар
Улуу удаҕан обургу
Уһун сойуо тумсун
Туура тарта,
6260 Тоһута тутта,
Тулумнаан кэбистэ.
Абааһы кыыһын ааттааҕа
Аба-хомуһуна алдьанан,
Ама бэйэтинэн буоларын кытта,
Аҕыс уон аҕыста атаралатан,
Тоҕус уон тоҕуста туруйалатан
Тобугун үрдүгэр мөхтөрөн аҕалан
Түҥнэри быраҕан түһэрээт,
Төбөтүн туура тардан ылан
6270 Кэннинэн киэр илгибитэ
Хаһыытаатар хамсаабат,
Үөгүлээтэр өндөлдьүйбэт,
Кэтиэлээтэр кэдэлдьийбэт,
Кэри-куру күннээх,
Кэҥсик-муҥсук сыттаах
Кэҥириир кэтит үтүгэн түгэҕэр
Сутуруо быатын саҕа соллоҥноох,
Бэргэһэ быатын саҕа мэнэгэйдээх
Идэмэрдээх илиэһэй улууһун
6280 Бардам баһылыга буолбут
Буор Маҥалай оҕонньор
Боруогар тиийэн
Төкүнүйэ түстэ.
«Омук төбөтө дуу,
Өһүк төбөтө дуу ?» — диэтэ
Иһирдьэ оҕонньор саҥата.
Эмээхсинэ эрэйдээх
Эйэҥэлээн кэлэн
Өҥөйөн көрөн баран:
6290 «Улуу күтүөр,

