Page 199 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 199
ЭЛЭС БООТУР 183
Кыайан-хотон баран,
Кэнэҕэс ситиһэн сиэ диэн
Куттанан, кыраҕыйан
6370 Көрөн туруох
Киһи буолуо дуо,
Чиккэйэн турар
Сиһин үөһүн
Тирк гына
Быһа тардаат,
Сүллүүлээх сүрэхтэри,
Тыынар тыҥалары,
Хайҕахтаах хара быардары
Холбуу хостуу тардан таһаараат,
6380 Үҥүүтүн төбөтүгэр үөлэн
Өһөх хара халлааҥҥа
Өрө кыыратта.
Илбис кыыһа
Иирэр Эмэгэт обургу
Халты харбыах,
Дэгиэ тыҥырах
Сыыһа түһэриэх
Бэлиэ бэлэс
Буолуо дуо!
6390 Салып-сулуп гынна,
Сал банан кэбистэ.
Иэхэйдээн-чуохайдаан,
Иирэн-кутуран,
Сэттэ омук
Дьэгээк ырыатын ыллаан эйээрдэ,
Тоҕус омук
Ходьоох тойугун туойан куйаарда.
Илбис кыыһа
« Иһилигим-таһылыгым,
Иэхэйигим-чуохайыгым,
6400 Эргиэнигим-урбааныгым,
Эминэ туомуй!
Эһэ Хара аттаах
Элэс Боотур

