Page 201 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 201
ЭЛЭС БООТУР 185
Эһэ Хара аттаах
Элэс Боотур
Өстөөҕүн өлөрөн,
Өрөгөйө үрдээн,
Үөрэн-көтөн
Өһөх Хабар
Көй уоругар киирэн
6450 Хоойго сытар
Холоонноох доҕорун көрө охсоору,
Үрдүк былыты
Үрдүнэн өҥөйбүт,
Буор хайа саҕа
Багдайа барыарбыт,
Үс сиринэн бордооһуннаах
Муус кудулу булгунньаҕы
Үс төгүл
Эргийэ сүүрэн
6460 Хайаҕаһын булбакка
Хаайтаран хаалла.
Өлбөөдүйэ суһумнуур
Өһөх хара халлааҥҥа
Өрө харбаспыт
Улуу уорук
Уһулу ойон тахсыбыт
Уордаах оройугар
Өрө сүүрэн тахсан,
Үөлэһин үүтүнэн
6470 Өҥөйөн көрбүтэ:
Тимир килиэ кирилиэс
Таҥнары дьалыһыйан
Түһэн бара турда.
Тимир кирилиэһинэн
Лиһир-лаһыр үктэнэн
Лиҥкинээн-лаҥкынаан,
Улуу уораҕайы
Уораадытан, уорастытан,
Түлэй хараҥа
6480 Түүнүктээх түгэҕэр тиийэн,
Эрэһэлээх үүн курдук
Эриличчи көрбүтэ:

