Page 203 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 203

187
                ЭЛЭС БООТУР









                                                  Ытыыр-соҥуур саҥа
                                                  Ыам кумаарын курдук
                                                  Ыраах тыҥкынаан иһилиннэ...
                                                  Иэйэр-куойар саҥа
                                                  Этэр тылын эгэлгэтин
                                                  Элэс Боотур
                                                  Иһиллээн-иһийэн турда.

                                                         Сыральпгса Куо


                                          6530 «Ыы-ы-ы-ыыйбыан,
                                                  Аа-а-а-аайбыан!
                                                  Кимнээх буолан,
                                                  Кимим кэлэн,
                                                  Көмүскээн-харыһыйан
                                                  Киһи-хара гыныай ?!
                                                  Туохтаах буолан,
                                                  Тугум кэлэн,
                                                  Дурда-хахха буолан,
                                                   Үрүҥ тыыммын өрүһүйүөй ?!
                                          6540 Кэрэгэй кэскиллэниэм иһин,
                                                   Көхсүттэн көнтөстөөх,
                                                   Көмүскэстээх санаалаах
                                                   Күн өркөн улууһун
                                                   Күлүмэх күүстээхтэригэр
                                                   Көмүскүүр-харыһыйар кыахтаах
                                                   Көстүбэтэх муҥа буоллаҕа дуу ?!
                                                   Абааһы аһылыгар
                                                   Ананыам иһин,
                                                   Арҕаһыттан тэһииннээх

                                          6550 Аһыныгас сүрэхтээх
                                                   Айыы хаан аймаҕын
                                                   Албан ааттаахтарыгар
                                                   Аһынар-харыһыйар киһи
                                                   Адьас суох буолбут
                                                   Абакката буоллаҕа дуу ?!
                                                   Күнтэн сүтүөм иһин,
                                                   Күн санаалаахтар
                                                   Көрөр харахтара сабылыннаҕа,
                                                   Эрдэ ииннэниэм иһин
   198   199   200   201   202   203   204   205   206   207   208