Page 206 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 206

190                                                                  П. В. ОГОТОЕВ









                                Оборо-оборо, уоттаахтык
                       6640 Уурастылар-сылластылар.
                                Ол курдук
                                Уохтара ханыар диэри
                                Омуннаахтык, уоттаахтык
                                Уураһа турдахтарына
                                Хараҥа хаайыы
                                Хаҥас өттүгэр
                                Хатан тимир сыап
                                Хабырынар курдук
                                Кытаанахтык кыычыгыраата.
                       6650 Дириҥ энэлгэн эҥсэлийдэ,
                                Ыар ынчык ыҥсалыйда,
                                Ытыыр-сонуур саҥа
                                Ыраахтан иһилиннэ.
                                Элэс Боотур
                                Этиэх түргэнэ
                               Хараҥа хаайыы
                               Халыҥ халҕанын
                               Хаһыытыы түһээт
                               Хайы тэбэн кэбистэ.
                       6660 Үөс Тардар обургу
                                Өкчөйө кырдьар
                                Өлөр-хаалар күммэр
                                Өһөх сиэм,
                                Өл хабыам диэн,
                               Тоҕус уон тоҕус
                               Толуу бухатыырдары
                               Харыларын үүттээн
                               Хатан тимир сыабынан
                               Хараҕалыы тиһэн баран,
                       6670 Хаалбат хаһаас диэн
                               Хараҥа хаайыытыгар
                               Хатаан туруорар эбит...
                               Элэс Боотур обургу
                               Эрчимнээх илиитинэн
                               Тоҥ тимири
                               Тот боруу курдук
                               Тоһута тутан,
                               Туймааран турар дьоннору
   201   202   203   204   205   206   207   208   209   210   211