Page 208 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 208
192 П.
Харахтарын уута,
6720 Көмүскэтэллэрэ эрэ
Көмүскэлэрин уута буолла диэн,
Килбиэннээх сирэйдэрин корон
Кимнээхтэрин билэн,
Албан ааттаахтарыттан
Аҕыйаҕы ааттаатахха,
Орто дойду
Улуу дуоланнара:
Ойоҕос батыйалаах
Оҕо Тулаайах,
6730 Тоҕус тутум
Туос мээмэлээх
Тойон Додуҥкуй,
Сэттэ күннүктээх сиртэн
Сэттэлээх 050 саҕа буолан костер
Тимир Тэйтээнэй,
Аҕыс атахтаах
Най-хара былыт олбохтоох
Ытык Нуоҕай,
Өһөгөйдөөх үйэҕэ үөскээбит
6740 Үөлэн Хардааччы,
Күүстээх-уохтаах
Күн Эрили;
Үөһээ дойду
Өҕүллүбэт өргөстөөхтөрө:
Халлаан уола
Хаарылла Мохсоҕол,
Күлүмэх күүстээх
Күн Дьөһүөлдьүт,
Мунурун булларбатах
6750 Буура Дохсун,
Этэн баран
Эҕирийиэх икки ардыгар
Эрбэх үрдүгэр
Сэттэтэ эргийэр
Эриэдэл Бэргэн,
Сындыыс сулустуу сырыылаах,
Сындалыйбат сындааһыннаах,
Сүгэ-балта тыллаах

