Page 108 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 108

Охсуһууга киирэр
                    Суорба хара киһи буолан,
                    Суодас гына түстэ.
               4240  Абарбыт-сатарбыт саҥанан
                    Амырыын үлүгэрдик
                    Ардьайыаҕынан ардьайан баран,
                    Аҥылыҥныы турда:
                       — Аар-дьаалы
                    Аарт-татай оҕолоор!
                    Бу түөрт сүдү байҕал төгүрүмтэлээх,
                    Охсуһуулаах остуолба хайа иччилэрэ,
                    Оһол-төрүөт уолаттараа,
                    Кыыра-часкыыр кыргыттараа!
              4250  Саах-балбаах саҕа
                    Сараһын эмэгэттэрээ,
                    Сыбдыҥнаһа сылдьымаҥ,
                    Үөһээ-аллараа туруҥ,
                    Үрүө-түрүө көтүҥ,
                    Уобар-соллоҥ иҥсэлээх,
                    Оһол-төрүөт олохтоох,
                    Оботгоох-чупчурҕаннаах
                    Удурҕаччы хара
                    Отут удьуордарын
              4260  Торолуйар тойоно буолбут
                    Ускунньахтаах Уот Кутаалыҥса
                    Улахан уола
                    Өксөкүүлээх Биэхэстэй
                    Үөлэн Харбыалыкы хара аттаах
                    Өлөр өлүү Түбүлээн Хара кэлэммин
                    Айыы хаан аймаҕыттан
                    Албан аатгаахтарын
                    Алаатыыр Ала Туйгун бухатыыры
                    Манна аҕаламмын боҕутуннарар
              4270  Үтүө күнүм үүннэ.
                    Хайгыалаах хара быарын
                    Хатан тыҥырахпар иилэн олорон,
                    Баллырҕаччы эмэрим кэллэ.
                    Нохтолоох тойон сүрэҕин
                    Сулбу тардан таһааран,
                    Токур тарбахпар
                    Тобулу иилэн олорон,
                    Чобурҕаччы оборор күнүм буолла.
                    Хаанын таммах да

                                   -    104  -
   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113