Page 111 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 111

Уллуҥахтарын тыаһа
                   Уордаах этиҥ курдук
                   Улуу дойдуну
                   Улаҕатынан уораһыйда.
              4370  Аарыма байҕаллар уулара
                   Адаар таас хайаны
                   Быһаҕаһынан охсуллан,
                   Баалланан тахса-тахса
                   Төттөрү эҕирийэн,
                   Үөр таба кыыл курдук
                   Таҥнары сатайданан,
                   Түһэ турда.
                   Туустаах дьүккүүр
                   Тумара байҕаллар уулара
              4380  Туруук хайаны
                   Быһаҕаһынан охсуллан,
                   Өрүтэ ыһыахтана-ыһыахтана,
                   Буур тайах курдук
                   Таҥнары бууралаан түһэ турда.
                      Туруук хайалар
                   Лоһугуруу сууллулар,
                   Таас хайалар
                   Лаһыгырыы саалла турдулар.
                   Күкүр хайа көҥүрүйдэ,
             4390  Килиэ таас хайалар
                   Киҥкинии сууллан
                   Сатарыы турдулар.
                      Кыырай халлаан кырса
                   Кыһыл уотунан кырбаста,
                   Одун халлаан уорҕата
                   Ускунньахтаах уотунан охсуста,
                   Сэттэ биттэхтээх
                   Сир ийэ сиидэ курдук
                   Сиксиллэн-титирэстии турда,
             4400  Тэбиэ халлаан
                   Чинэрийэр уорҕатыгар
                   Тэгилитэ тыган тахсар
                   Тэргэн ыйым иитэ
                   Түҥнэри эргийэн хаалан баран,
                   Араҕас маҥан халлаан
                   Арҕаһын кэҕэтигэр
                   Алтай тиэрбэс курдук
                   Арылыс гынан көстө-көстө
                                     107  -
   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115   116