Page 112 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 112
Сүтэн хаала турда.
4410 Орто аан ийэ дойдуга
Күн көрбөт күдэригэ көттө,
Халлаан сырдаабат
Хара буурҕа түстэ
Ый тыкпат ыыс-быдана буолла.
Киэҥ халлаан кэдэлдьийдэ,
Үрдук халлаан өҕүллэҥнээтэ,
Үөһээ* дойдуга
Хахсааттаах маҥан халлаан
Үрүт таһаатыгар олохтоох,
4420 Бурҕалдьыны кэппэтэх,
Мунна үүттэммэтэх
Буулаҕа хара
Өҥүрүү бүөттүк оҕустаах,
Хотоҥҥо киирбэт
Хоҥкучаҕын туттарбат
Хара төкөрөҥ
Өлүк кугас ынахтаах,
Далыгар киирбэт
Тарылыыр тааҕылаах
4430 Дьаҕыл биэлээх,
Суларын кэппэт
Суордуйа мөҥүүк атыырдаах,
Кэргэҥҥэ сөбүлэспэтэх
Кыдьылгы суорун кыргыттардаах,
Ойоххо тахсыбатах
Дулҕа буура
Дохсун уолаттардаах,
Кэбэлкэй кэргэннээх,
Таһылҕа дьахтардаах,
4440 Уорааннаах тэлгэһэлээх,
Оһоллоох торуоскалаах,
Уһуутуур тыыннаах,
Уордаах-хааннаах
Уолугун үүтүгэр
Олорор оҕо саҕа урдаах,
Улуутуйар Улуу Дорхон
Тойон удьуордара,
Үлүгэрдээх үс биис уустара
Истэрэ-үөстэрэ
4450 Ибили сипсиллэр,
Истэригэр аһы туппакка,
- 108 -

