Page 115 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 115
Тоҕус күннээх-түүнү мэлдьи
Тоҥхойон туран,
Домноон-домноон бараннар,
4540 Хахайдаах Дьарбыйа
Хаан аартык диэки
Салайа тардан кэбистилэр.
Өксөкүлээх аартык устун
Өрө сүүрдэн тахсыахпыт диэбиттэрэ,
Туос ала оҕустара
Төттөрү бугуйан,
Оһоллоох-ороскуоттаах,
Алдьархайдаах-садыамнаах,
Кэниэрдээх кэҕэй хара аартыкка
4550 Кэннинэн тиэйэн түһэ турда.
Үогүлүү-үөгүлүү үүрдүлэр,
Часкыйа-часкыйа таһыйдылар,
Илбистээх-имэҥнээх
Соллон’ хара кымньыыларынан
Иэнин иҥиирэ
Килбэйэн көстүөр диэри
Ибили таһыйдылар,
Илдьи эттээтилэр,
Истибэккэ эбии бугуйан
4560 Илбистээх эндир хара аартыкка
Сэттэ күннээх-түүн
Кэннинэн тиэйэ турда.
Өкчөччү үлүйдүлэр,
Токуруччу тоҥнулар.
Соллоҥноох сойуо хара тыҥырахтарынан
Тобулу саайан бараннар,
Сиһин үөһүн
Үстэн биирин холобурдааҕы
Быһа тардан ыллылар.
4570 Оҕустарын муннун тыаһа
Буһугуруу түстэ,
Ү рдүк халлаан
Мөлдьөрүүннээх мөҥүөнүгэр
Икки ураҕаһын
Булгу көттө.
Муус кудулу сыарҕаларын
Умсары бырахта,
Одун халлаан
Улаҕатын диэки
- 111 -

