Page 116 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 116

4580  Добун силлиэ буолан,
                    Өрүкүс гынан хаалла.
                    Хахайдаах хатыыска хара аартыкка
                    Тиэрэ таһылла түстүлэр,
                    Күдэриктээх халлаан
                    Көөһөнөр көҥүрүйэр
                    Күүстээх буурҕалаах
                    Күлүк дьэргэлгэн аартыкка
                    Күөһэлийэн түстүлэр,
                    Суураллар-суккуллар
              4590  Суордаах кэҕэлээх
                    Суодуйа хаан
                    Дьураа хара аартык
                    Суугунуур дьулаҕайын
                    Туура харбаан,
                    Мэлдьиҥ өйдөөх мөҥүөнүн
                    Мүччү тутан кэбистилэр,
                    Киэҥ халлаан кэҕэрдэн,
                    Үрдүк халлаан өҕүйэн,
                    Кубулҕаттаах халлаан
              4600  Кулгуйан кэбистэ.
                    Бастара атах,
                    Атахтара бас буолан,
                    Түҥнэри-таҥнары ытыллан,
                    Түһэн истилэр,
                    Соһо чуоҕур былыт соһуутун
                    Мүччү харбаан кэбистилэр.
                    Түмэн бараан дойду
                    Түҥкэтэх түгэҕэр
                    Түҥкэлийэн түстүлэр,
              4610  Айыы сирин
                    Анараа тардыытыгар
                    Алларастыы турар
                    Аат айаҕа тардан ылла.
                    Аллараа диэки
                    Албас хара
                    Ап-солуонай
                    Аартыгын уотун
                    Айыылыын-абааһылыын
                    Таҥнары суккуллан түһэ турар
              4620  Өлөр-өлүү чөҥөрө байҕал түгэҕэр
                    Дьылҕан тиит саҕа
                    Чыыбыгырыыр тыймыыттаах,
                                   -    1 1 2 -
   111   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121