Page 114 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 114

Алаатыыр Ала Туйгун бухатыыр
                    Ускунньахтаах
                    Уот-Кутаалыҥса
                    Уорн Уола
                    Өксөкүлээх Биэхэстэй
                    Үөлэн Харбыалыкы хара аттаах
              4500  Өһөгөйдөөх санаалаах
                    Өлөр өлүү
                    Түбүлээн Хара бухатыырдыын
                    Охсуспуттар эбит диэннэр,
                    Көрө дьулайдылар,
                    Төттөрү чугуйдулар.
                       —  Бу охсуһуу
                    Уурайбатар эрэ
                    Орто дойду
                    Олоҕо долгуһуйуо,
              4510  Сир ийэ
                    Иэччэҕэ кэйбэлдьийиэ,
                    Халлаан ийэ
                    Тутааҕа тулхатыйыа, — ди этил эр.
                       — Бу дойду
                    Суола ииһэ бүөлэннин,
                    Ыллыга-аартыга сабылыннын,
                    Охсуһуу турбатаҕын,
                    Оһол тосхойботоҕун,
                    Алдьархай таарыйбатаҕын,
              4520  Хобо төбөлөөх
                    Уйгуур удаҕан
                    Ударннаабатаҕын курдук,
                    Арбах бастаах
                    Атыыр ойуун
                    Алҕамматаҕын курдук,
                    Эмэгэттээх мэнэрик
                    Эҥсэтэ кутурбатаҕын,
                    Уйгуур-сэлээр
                    Онолуйбатаҕын курдук буоллун,
              4530  Үргүөр үргүйбэтин,
                    Аргыар аргыйбатын,
                    Күөн күөрэйбэтин,
                    Күдэн оргуйбатын, — диэннэр,
                    Аҕыс күннээх-түүн
                    Ахчаһан туран
                    Алран-алран,

                                   -    110   -
   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118   119