Page 118 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 118

Орто туруу
                    Дьоҕул дойдуга
                    Туох ааттаах
                    Улахан охсуһуута турда,
              4670  Айдаана, алдьархайа таҕыста.
                    Аҕыс адьырҕа
                    Бухатыырда таһаараҥҥыт,
                    Ол тэттик мэник уолаттары
                    Тараччы туттаран киллэрэн н ит,
                    Итии хааннарын
                    Итиитэ иһэрдэ охсуҥ,
                    Көхсүлэрин хаанын
                    Ыймахтата тардыҥ, — диэтэ.
                       Инньэ диирин кытта
              4680  Аллараа аҕыс биис ууһуттан
                    Аҕыс адьырҕа бухатыырдар
                    Талыллан-талыллан тахсаннар,
                    Харса бээгэй
                    Хара моҕой оҕустарын
                    Аҕыс атахтаах
                    Наарта хара
                    Сыарҕаларыгар көлүйэннэр,
                    Аллаччы олорон,
                    Адаарыччы миинэн,
              4690  Албас хара
                    Ап-солуонай [аартыкка]
                    Адалыйан тахсаннар,
                    Буордаах баттахтаах,
                    Муустаах ытыстаах
                    Буулаҕа хара бухатыырдар
                    Муус кынчалҕан харахтарынан
                    Охсуһа турар бухатыырдары
                    Одуулаһан олооруҥнастылар,
                    Кыҥаан мыынньаһыннылар.
              4700     Ол гынан баран
                    Икки Сибиир
                    Бэгийэр бэртэрэ,
                    Албан аатгаахтара,
                    Толбон сурахтаахтара,
                    Дохсун күүстээхтэрэ,
                    Дуолан бухатыырдара
                    Айыы хаан аймахтарыттан,
                    Алаатыыр Ала Туйгун
                                   -    114  -
   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123