Page 119 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 119
Адьарай бөҕө удьуоруттан
4710 Өһөгөйдөөх өлүү
Түбүлээн Хара бухатыыр буоланнар,
Түбэһиспиттэр эбит диэннэр,
Бэри бэркиһээтилэр,
Сөрү сөхтүлэр,
Көрө дьулайдылар.
Түҥкэтэх үөдэннэринэн
Төттөрү дьүгэлийдилэр,
Алдьархайдаах араскааттаах
Аартык диэн
4720 Таҥнары танхалыйдылар,
Оһоллоох-ороскуоттаах суолбут диэн
Умсары дьулуруйан истилэр.
Хара буулаҕай
Харсы бээгэй оҕустара
Таҥнары бугуйан тоҥкучахтаан
Суолларын алрс бараннар,
Арбах бастаах
Атыыр ойуун
Төбөтүн унуоҕа хайгыалаах
4730 Ап-чарай
Аартыгын устун
Адалыта турдулар.
Иҥсэлээх Мэтэ-хара
Бииһин уустарын чиэрэстээтилэр,
Оботтоох Чучуйа-хара
Аймахтарын аастылар,
Үөһээттэн түһээччини
Уллуҥнарын оройуттан уобар,
Туруору ыйыста олорор,
4740 Аллараатган тахсааччыны
Төбөтүн оройуттан
Таҥнары уоба сытар,
Хара күлүктээҕи көрбөтөхтөрүнэ,
Хамсыыры-харамайы мэлиттэхтэринэ,
Бэйэ-бэйэлэрин
Төбөлөрүн аҥаардыытын
Хайыта кыраһан сиэһэ сытар,
Онтукалара
Отуттуу хонук устатыгар
4750 Оһон үүнэн тахса турар,
Онон үссэнэн олорор,
115
-

