Page 120 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 120
Дьиэтин туда
Дьэллик сүүрэлии сылдьар
Дьэбин уоһуйа оронноох,
Ханас диэки
Хаала-сиэлэ сылдьар
Хара лаһыр олоппостоох,
Кырыыс төрдө
Кыдьылы Суорун ойууҥҥа,
4760 Танылҕан төрдө
Таҥнары Чаадай удаҕаҥҥа
Үс бохсуулаах
Төбөтүнэн айахтаах
Кудулу муус
Кудах уораан ордууларын
Төбөтүн сиигинэн түҥнэри
Түҥкэлиһэн түстүлэр.
Онуоха буоллаҕына
Оннук үлүгэрдээх
4770 Уомардаах-соллоҥноох
Ойууннаах удаҕан:
— Туора киин
Туос уллуҥах,
Тастыҥтараһа,
Атын аймах,
Ураты удьуор,
Кэлэн биэртэрэ,
Кэбирэҕин үтүөтүн,
Бэргэнэ бэрдин,
4780 Түргэнин-түбэлтэтин,
Эриэккэһин-эриэхситин,
Иэхэйикпин-чуохайыхпын!
Суордаах-суодуйа
Хара таҥарабыт
Дап гыннаҕа, — диэтилэр да,
Үөһээ-аллараа
Көрдөрөр бэйэлээх буолуохтара дуо?
Быһыта кыраан сиэн-аһаан кэбистилэр.
Илбистээх-идэмэрдээх
4790 Илин халлаан
Иҥнэстэр эҥийэтиттэн,
Иҥсэ мэнэгэй
Ийэлэрин уустарытган,
Эр бэртэрэ,
- 116 -

