Page 121 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 121

Элик үтүөлэрэ
                   Биһиги бэйэлээхтэр
                   Эрдэ тиийэммит,
                   Илии-атах
                   Ис-үөс тирбэҕэ былдьаһан,
             4800  Тииһиниэх этибит диэннэр,
                   Идэмэр соллоҥ
                   Эһир хара бухатыырдара
                   Илбискэ туттар сэптэрин
                   Илин-кэлин түсүһэн,
                   Эккирэтиһэн кэлэннэр,
                   Илбистээх охсуһуу буурҕатыгар
                   Ибили эриттэрэн,
                   Иннилэри-кэннилэрин билбэккэ,
                   Эттэрэ-сииннэрэ
             4810  Эстиэрдиэри
                   Ибили сынньыллан,
                   Эргийбэккэ мэлийэн испиттэр.
                   Сордоох-соболоҥноох
                   Соҕуруу суккуллар
                   Добун маҥан халлаан
                   Тумарыктаах улаҕатыттан,
                   Чупчурҕан хара биистэриттэн
                   Дохсун бөҕөлөрө,
                   Дуолан бухатыырдара
             4820  Туох-ханнык иннинэ
                   Тутуу былдьаһан,
                   Чугас киирсэн,
                   Оннук бэйэлээх
                   Улахан бухатыыр
                   Охторун кытта
                   Оһоҕос-иһэҕэс тардыһан,
                   Уоп-чаап гыныа этибит диэннэр,
                   Урут-хойут түсүһэн,
                   Олбук-солбук
             4830  Омуннанан кэлэннэр,
                   Олус чугаһаан хааланнар,
                   Охсуһуу буурҕатыгар түбэһэн,
                   Охтон сөһүргэстээн,
                   Унуохтуун-иҥиэхтиин кумаланан,
                   Урусхал буолан,
                   Ордон төннүбэккэ,
                   Олох сүтэ турбуттар.

                                   -    117  -
   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126