Page 23 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 23
Үрдүк бүгүдүр хайа
Үөһээ кирбиитигэр
Өрө сүүрэн тахсан,
590 Уҥуору өттүн
Өҥөс гынан көрбүтэ —
Күн көрбөтөх
Кудэн-балай дойду
Күҥкүйэлээх күлүгэр,
Ый тыкпатах
Ыыспара хараҥа дойду
Ытыллар ыпсыытыгар,
Барбыты тардан ылар,
Кэлбити эҕэрийэн ылар,
600 Киирбити ыйыстан кэбиһэр,
Элбэҕи мэлиппит,
Үгүһү сүтэрбит
Ү гүрүөлүүр-үөгүлүүр
Өһөх балай
Үөдэн түгэҕэ
Ү мүрүччү тарда турар.
Аппаҥныыр айаҕар,
Мэгиэстэр* бэлэһигэр,
Бүтиэхтиир куолайыгар
610 Үөһээ-аллараа дойдулартан
Үс нүһэр бухатыырдар
Бүөлүү түһэн тураннар,
Өһөгөйдөөх өлөрсүүнү өлөрсүбүттэр,
Хадааннаах харсыһыыны харсыбыттар,
Оһоллоох охсуһууну
Охсуһа тураллар эбит.
Орто дойдуга
Уомар соллоҥ иҥсэлээх,
Оһол-төрүөт олохтоох,
620 Оботтоох-чупчурҕаннаах
Отут удурҕаччы удьуордарыттан
Көстүбэтин күүстээҕэ,
Абааһытын атамаана,
Илиэһэйин бэртэрэ,
Айыы хаан аймахтарыттан
Үөскүур киһитин-сүөһүтүн
Үлтү түүрэйдээн тураннар,
Выдан дойду быттыгыттан
Быһыта кыйдаан,
- 19 -

