Page 22 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 22

Сири иһит
                    Сиксигин курдук
                   Тэн ийэн-тэлгэнэн,
                   Тиийэн баран,
                   Иҥиэтийэн-иҥиэрсийэн,
                   Иннэри дьиппинийэн,
               550  Иэҕиллэн-үмүрүйэн,
                   Мүччү үктэнэр бүөрүгэр,
                    Киҥкиниир киэн' халлаан
                    Куба кыылым
                   Хоноччу туттуннаҕына,
                   Тумса тиийэр гына
                   Кубарыта ыпсан,
                   Түһэр улаҕатыгар,
                   Түспүт күөрэйбэтэх,
                   Т имирбит дагдайбатах
               560  Өлөр өлүү чөмөрө байҕал
                    Үс бохсуулаах
                   Өндүр туос толонун курдук
                   Өрүкүйэн көстөр
                    Үмүрүйэр тардыытыгар тиийэн,
                   Үрдүк былыт
                   Соһуутун үрүт өртүнэн
                   Өрө үүнэн тахсыбыт,
                   Өндөйдөр көстүбэт,
                   Үөгүлээтэр иһиллибэт
               570  Өргөстөөх төбөлөөх
                    Үрдүк-килиэ таас
                   Хайаҕа тиийэн
                    Кэтиллэ түстэ.
                      Ол хайа
                   Улаҕа өртүгэр
                    Бэлэс тыаһа бэтиэхтиир,
                    Көҕүс тыаһа күбүргүүр,
                   Тиҥилэх тыаһа лигиргиир,
                    Күдэн өрүкүйэр,
               580  Туман оргуйар,
                   Туох эрэ  охсуһуу
                    Оһол-алдьархай
                   Аһыллыбыт сир бадахтаах.
                   Алаатыыр Ала Туйгун
                   Атыттан ойон түстэ.
                   Өһөгөйдөөх-өлөрсүүлээх
                                   __  18 -
   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26   27