Page 25 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 25

Кыа-хааннара устубут.
                  Аллараа дойду алдьархайдаах
                  Аҕыс биис ууһуттан
                  Абааһыларын атамааннара
                  Адалыһан тахсан иһэннэр,
                  Аартыктарын бүөлэтэннэр,
                  Аймалаһар эбиттэр.
             680  Айыы хаан аймахтарыттан
                  Аллараа дойдуга түһэннэр,
                  Аһылык оҥостубатахпыт
                  Аҕыс төгүрүк сыла туолла.
                  Ас-үөл мэлийдэ,
                  Аччыктааһын улаатта,
                  Аас бөҕө ааҥнаата,
                  Сут бөҕө суоһаата.
                    Ол иһин
                  Адьырҕа баһылыкпыт,
             690  Арбаҕастаах тойоммут
                  Арсыын тиистээх,
                  Арыы ыарҕа баттахтаах,
                  Адаар үөрбэ тыҥырахтаах,
                  Атах баайыылаах,
                  Адаҕалаах Арсан Дуолай оҕонньор
                  Айыы хаан аймахтарыттан
                  Аҥаарын хайа
                  Үүрэн киллэрэҥҥит
                  Аһата-сиэтэ охсуҥ диэн,
             700  Амырыын дьаһалы биэрбитэ.
                  Ону баара
                  Аартыгы мэһэйдээҥҥит,
                  Алдьархайы таһаардыгыт,
                  Суолу бүөлээҥҥит,
                  Суту оҥордугут,
                  Соҕотох кылааннаах өргөстөөх
                  Кыыс Ньургун бухатыыры
                  Кыайан сиэбэккэҕит,
                  Кыһалҕаҕа тэптигит.
             710  Сии охсуҥ,
                  Сэймэхтии тардыҥ диэн,
                  Ү өһээггэн-аллараатган
                  Үгүрүө-хаһыы үксээбит,
                  Ыһыы-хаһыы ырааппыт,
                  Кылас часкыыр элбээбит
                                 -    21  -
   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30