Page 27 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 27

Ээҕин эппэккэ,
              760 Күн дьонун көмүскэлигэр,
                   Хаарыан дьонун харыһыгар
                   Соҕотоҕун толук буолан,
                   Өлүү суолун бүелээн
                   Өһөгөйдөөх охсуһууну
                   Охсуһа турар эбит.
                     Ол эрээри
                   Уҥуох киһи уйадыйбыт,
                   Эт киһи эммэнийбит,
                   Сындааһын киһи сылайбыт,
              770 Кини киһи
                   Кылаан бэйэтэ кыларыйбыт,
                   Үтүө мөссүөнэ өлбөөдүйбүт
                   Туналҕаннаах ньуура сулуктуйбут,
                   Килбиэннээх сирэйэ кэхтибит,
                   Толуу бэйэтэ солбонуйбут,
                   Хорсун дьүһүнэ хотторбут.
                   Бу суостаах өлүүттэн
                   Туох бэйэлээх
                   Дохсун күүстээх кэлэн,
              780 Суон тыынын толуйан,
                   Солбуйуо дуо?!
                   Ахсым алдьархайтан
                   Ханнык бэйэлээх
                   Албан ааттаах киһи
                   Абырыа баарай?!
                   Адьарай бөҕөлөр
                   Арахпакка бүгүстээн
                   Аһыыр-сиир күннэрэ
                   Ааҥнаан кэлбит,
              790 Көстүбэт бөҕөлөр
                   Күүһүн баратан
                   Күөстэнэр күннэрэ
                   Күһэйэн кэлбит,
                   Өлөрөр күннэрэ үтүрүйбүт,
                   Хаалар күннэрэ халбарыйбыт.
                      Ону көрөн баран,
                   Алаатыыр Ала Туйгун
                   Абара-сатара санаата,
                   Хаана хамсаата,
              800 Хараҕа уотганна,
                   Сүрэҕэ долгуйда,
                                   -    23  -
   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32