Page 256 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 256

Уҥа кулгааҕын иһигэр
                    Ыйаастан тахсан,
             10430 Ыадалыс гынан хаалла.
                    Утаакы буолбата
                    Аҕыс хос төбөлөөх
                    Аптаах моҕой үөнү
                    Ап чалахай ситиминэн
                    Чороччу эрийэн,
                    Таҥнары соһон таһаарда.
                    Алдьархайдаах аллараа дайдытган
                    Аргыйан аҥылыйа сытар
                    Өлөр өлүү
             10440 Өһөгөйдөөх түгэҕиттэн
                    Үмүрүччү тардан,
                    Өрүкүйэн көстөр
                    Үөҕүлүүр-үгүрэлиир
                    Үөдэн айаҕын устун
                    Өһөх хара
                    Добун силлиэ буолан,
                    Өрүкүс гынан хаалла.
                    Алаатыыр Ала Туйгун
                    Айыы хаан аймахтарын
              10450 Араҥааччылыырга
                    Күн өркөн уустарын
                    Көмүскүүр иһин
                    Күүстээх санаата
                    Көтөн түстэ.
                    Толлон турбата,
                    Чугурус гыммата,
                    Эргиллэрэ биллибэт
                    Иҥсэлээх сиргэ,
                    Төннөрө биллибэт
              10460 Дьөлөркөй үөдэн
                    Түгэҕин диэки
                    Төбөтүн оройунан
                    Түспүтүнэн барда.
                    Улаҕата биллибэт
                    Оборон ыла турар
                    У от дьэбилгэн
                    Аартык устун
                    Умсары дьүккүйэн түстүлэр.
                    Мэҥиэстэ турар
              10470 Бэтиэхтиир-эппэҥниир
                                   -    248  -
   251   252   253   254   255   256   257   258   259   260   261