Page 253 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 253

Мохсоҕол кыыла буолан,
            10300 Сындыыс чаҕылҕан курдук
                   Кэлин өртүнэн
                   Кыһыыран истэ.
                   Буор сорхо
                   Үүтүн курдук
                   Буомчулаах будулҕан хара
                   Аартык устун
                   Будуллан түһэн бардылар,
                   Эмэх көҥкөлөй
                   Үүтүн курдук
            10310 Илбистээх-эриэһиннээх
                   Эрилгэн-бурулҕан
                   Аартык устун
                   Эккирэтиһэн истилэр,
                   Сүллүгэс үүтүн курдук
                   Дьөлөркөй хайаҕас устун
                   Дьөлө суодуйдулар,
                   Кытыастар кыһа
                   Түгэҕин курдук
                   Кынчылҕан хара дайдынан
            10320 Кыһарыйан түһэн
                   Кыйданан истилэр,
                   Саах балбаах саҕа
                   Часкыйа олорор
                   Сараһын эмэгэттээх
                   Чаҥкыйа хара аартыгынан
                   Таҥнары тардыллан,
                   Эрдэҕэс күөс саҕа
                   Иһиирэ олорор
                   Иирэр эмэгэттээх
            10330 Эҥилгэн хара аартыгынан
                   Иҥнэри эҕирийэн истилэр.
                   Суодуйа хара уус
                   Чуохапчытын үүтүн курдук
                   Чупчурҕан хара аартыгынан
                   Тобулу суккуллан тиийэннэр,
                   Уот Субурҕа бухатыыр
                   Үс буоҕаралаах
                   Кудулу муус
                   Кудан ньээкэй
            10340 Малаатта хара
                   Балаҕанын үрдүгэр
                                      245
                                   -
   248   249   250   251   252   253   254   255   256   257   258