Page 263 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 263
Тимир дэриэтинньиги
10730 Сиһин-үөһүн
Быһа үктээн,
Сирбэр-дайдыбар
Ситиһэн-хотуһан,
Тиийэрим буоллар,
Айыы хаан аймахтарын
Алтан түөстээх
Күндү күөрэгэйдэрин
Көрдөрбөккө көтүппүтүн,
Биллэрбэккэ мэлиппитин,
10740 Уоран-талаан кииртин
Ороскуотун толунан,
Арсан Дуолай
Аймаҕын ууһуттан
Атаҕым соболонун
Төлөтөрүм буоллар
Сөп буолуо этэ, — диэтэ,
Иитиллэн үөскээбит
Ийэ бараан дайдыбар
Эргиллэрим дуу диэн,
10750 Иэһийэ хараҥа
Иччитэх дьэбин,
Иҥсэлээх дайдыга
Иһиллээн иһийэн турда.
Бу турдаҕына
Ханна эрэ
От ыҥырыатын
Саҥатын курдук
Дыыгыныырга дылы гынар.
Ону истэн турбута —
10760 Ытыыр диэхтэн
Ырыа курдук.
Саҥа саҥата
Иһиллэр эбит.
— Дьиэ буо, дьиэ буо!
Ыый-ыыйбын,
Аай-аайбын,
Аны хаһан көрүөхпүнүй,
Аан ийэ дайдым
Араҕас далбарын
10770 Аламай күнүм сырдыгын
Аны хаһан оонньуохпунуй,
- 255 -

