Page 267 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 267
Өлбөт-сүппэт
Үтүө эмтэрэ буолуо этэ, — диэн баран,
Өркөн устата холобурдаах
Өрө үөмэн тахсан,
Икки ытыһынан
Хаайа тутан,
Лап гыннаран
Харбаан ылла.
Өлбөт мэҥэ уута
10910 Уон тарбаҕын быыһынан
Убаҕас салгын курдук
Ньылыс гынан хаалла.
Ытыһын көрбүтэ —
Хопто кыыл
Кынатын курдук
Кубус кураанах буолла,
Холтон хоҥнуота
Хоҥностон түспүтүн курдук
Хомолто улахана буолла.
10920 Алаатыыр Ала Туйгун
Ол өлбөт мэҥэ уутун
Орто дойдута
Таһаарбыта эбитэ буоллар,
Күн айыы дьонугар
Өлбөт-сүппэт
Үтүөкэннээх эмтэрэ
Буолуох этэ.
Ону сыыһа тутан
Кэбиспитин кэннэ
10930 Икки атахтаахха,
Иннинэн сирэйдээххэ иккистээн
Күн бүгүҥҥэ диэри
Көстө илик үһү диэн,
Кырдьаҕас олоҥхоһуттар
Элбэх үтүө
Эгэлгэлэрин быыһыгар
Этэн ааһар буолаллара.
Арай хаҥас илиитин
Хатын эрбэҕин төрдүгэр
10940 Хабдьы кыылым
Хараҕын уутун саҕа
Халыс гынан ымньанан
Хаалбыт эбит.
- 259 -

