Page 265 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 265
Сарн сардырргга,
Чаҕылҕан уотун курдук субуруйда,
Кун уотун курдук күлүмүрдээтэ,
Иннинэн сирэйдээх,
Икки атахтаах хаампат
10820 Инньэ*-бүргэс үөрбэлээх,
Үөл эттээх үктэммэт
Үөрбэ долохоно
Дойду буолла.
Ол ортотугар
Күн өркөн уустарын
Күндү күөрэгэйдэрэ,
Айыы хаан аймахтарын
Арарс далбарайдара
Аҕыс былас суһуохтаах
10830 Айыы Ньулурдаан Куо
Сэттэ сиринэн
Дьиэгинийэ олорор
Дьэс эмэгэттээх,
Дьэбиннээх үөрбэлээх
Тимир хаадыйар сэргэҕэ
Хамсык хара быанан
Кэдирги кэлгиллэн
Сытар эбит.
Ол аттыгар
10840 Уол оҕо туйгуннааҕа,
Киһи гиэнэ кэрэмэһэ
Быһый быһыылаах,
Күүстээх көрүҥнээх,
Бухатыыр мөссүөннээх
Саха оҕотун талыыта,
Айыы бухатыырын
Ааттаар быһыылаах,
Өргөстөөх уһуктаах
Үөрбэ долоходоһун ортотугар
10850 Үскырыылаах,
Өһөгөйдөөх өлүү бадаҥ остуолбаҕа
Соллоҥ хара быанан
Чороччу кэлгиллэн,
Токуруйа тоҥон
Турар эбит.
Кини диэки
Иччитэ суоҕунан
257 -

