Page 264 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 264
Илиибититтэн сиэтгиһэн
Эмдэй-сэмдэй улаатан,
Иитиллэн үөскээбит
Эдьиийдэрбин, убайдарбын кытта
Көрүлүөхпүнүй, оонньуохпунуй,
Күндэлэс маҕан күннээх,
Күөх сибэкки күөннээх
Күндү күөх хонуубар
10780 Күргүөм билэ
Дьоммун кытта
Көҥүл босхо сылдьыахпыный,
Аны хаһан
Орто туруу
Дьоҕул дойдум
Уйгулаах олоҕор олоруохпунуй,
Аны хаһан
Сылаанньыйан сытыамый,
Ийэ-аҕа
10790 Ичигэс хоонньугар,
Итии тапталларыгар
Бу үлүгэрдээх өһөгөйдөөх
Өлүү дойдутуттан,
Үөдэн түгэҕиттэн
Туох ааттаах
Өрүһүйэн таһаарыай,
Күөҕэйэ* долгуйар
Күнүм сирэ,
Арыаллаһан үөскээбит
10800 Айыымдьоно
Быралыйар-куралыйар
Бырастыыккай буоллун! — диэтэ
Дьахтар киһи саҥата.
Ону истээт,
Алаатыыр Ала Туйгун
Им-балай дойдуга
Илэй-балай харбыаласта,
Иэмин-туомун туппахтаата,
Туту да булбата.
10810 Кытыылыыр сылгы саҕа
Кыалыктаах хататын
Сулбу тардан ылла,
Сырҕан эһэ саҕа
Сымара таас чакыырын
- 256 -

