Page 276 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 276

Кырыылаах батыйа курдук
                    Кынатын төбөтүгэр
             11290 Кыбыта анньан баран,
                    Охтон бараммат
                    Уһун дьылхан мастаах,
                    От сибэкки кырыстаах,
                    Ойон тахсар күннээх,
                    Ойоҕолоон тыгар өйдедх,
                    Орто туруу
                    Дьоҕул дойду диэки
                    Туһулаан баран,
                    Биир күүстээх тыынынан
             11300 Өрө үрэн
                    Өрүкүтэн кэбистэ.
                    Сааллар чаҕылрн дапсыйар,
                    Дохсун этиҥ суоруйар
                    Суугунуур соһу былыт
                    Үрдүгэр олорон,
                    Орто дойду диэки
                    Добун силлиэнэн
                    Суугунуу кото турдулар.
                       Очур охсубата,
             11310 Тэхтир тэппэтэ,
                    Былаҕай былдьаабата,
                    Дьилэҕэй диэлийбэтэ.
                    Орто туруу дьоҕул дойду
                    Улай дьэҥкэ киинигэр
                    Олохсуйан үөскээбит
                    Эрдэҕэс улар саҕа
                    Эдьэн Иэйэхситтээх
                    Эбириэн Тойон оҕонньорго,
                    Арылыас кус саҕа
             11320 Айыы Намылҕа Баай эмээхсин
                    Аҕыс айыы аймахтарын
                    Айгыстар ахталыйар аартыктара
                    Араҕас түөлбэлэрэ буолбут
                    Аан Чалбаада диэн
                    Алаастарын ортотугар,
                    Дьогдьойор саалыгар,
                    Туналайар ньууругар,
                    Килэрийэр киинигэр,
                    Араҕас таһаатыгар
             11330 Аал Луук Маһын төрдүгэр
                                   -    268  -
   271   272   273   274   275   276   277   278   279   280   281