Page 285 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 285

Өһө-балай халлаан
                    Үллэр өрөһүтүн диэки
                   Өрөуһуутаан,
                   Тахсан эрэр эбит.
                   Отут ургунньахтаах
             11680  Орто туруу
                   Дьоҕул дойдуга тахсаммын,
                   Уу харахтаах,
                   Утары ньуурдаах,
                   Уһаты уллуҥахтаах
                   Урааҥхай саха
                   Уһун урууларын,
                    Кэтит аймахтарын
                   Уулаах отон курдук ныһыйан,
                    Ириэнэх дьэдьиэн  курдук
             11690  Илдьитэпсэн,
                    Илгэ быйаҥнарын иһэн,
                   Ороскуоппун толунан,
                   Санаабын ситэн,
                   Тотон-туолан,
                   Торолуйа уойан,
                   Дуоһуйуом буоллаҕа диэн,
                    Ол дойду
                    Сордоох соболоҥноох
                   Добун силлиэ халлаанын
             11700  Дьуодьайын диэки
                    Супту куугунаан,
                    Куотар бөҕө кубулҕаттанан,
                   Ааһар бөҕө албастанан,
                   Абаран-сатаран,
                   Аһаатарбын-сиэтэрбин диэн,
                   Айаҕын атан
                   Айаннаан истэ.
                      Алаатыыр Ала Туйгун
                   Алыс абарда,
           .11710  Кырдьык кыһыйда:
                      — Бу туттаран туран,
                   Тута балыырдаах,
                    Көрдөрөн туран
                    Көрө мэлдьэхтээх
                    Көстүбэт бөҕө күтүрдээҕэ,
                    Сыыһа туттаран,
                   Халты харбатан,
                                   -    277  -
   280   281   282   283   284   285   286   287   288   289   290