Page 324 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 324

Бухатыыр диэн
                   Аарыма киһи буолабын.
                   Эйэ-дэм эрдэтинэ,
                   Эрэй-буруй чарааһына
                   Харыгытган харбаппыт
                   Хара түөкүн!
                   Хантан кэлбиккиний да
                   Халбарыйа тардыый!
             13360  Сутурук тиийиэн иннинэ
                   Судургу кэпсэтиинэн
                   Суолгун була оҕус,
                   Буруйгун билинэн
                   Бултаабыт будкун
                   Мүһэҥ бүтүнүнэ
                   Бөкчөгөр буола иликкинэ
                   Барытын быраҕан
                    Бара оҕус, — диэтэ.
                      Онуоха буоллаҕына
             13370  Алаатыыр Ала Туйгун
                    Истибэтэх тылын истэн,
                    Иҥнэри дьиппинийэн
                    Иҥиэттэн кэбистэ,
                    Кимиэллээх соҕустук
                    Кэпсэтээри гынна,
                    Саталаах соҕустук
                    Саҥа саҥаран
                    Сатарыйа түстэ:
                      — Дьиэ буо, дьиэ буо!
             13380  Алаатыгар, оҕолоор!
                    Мунурун булларбатах
                    Муус Кудулу байҕал
                    Торолуйар тойоно,
                    Дуолан бухатыыра,
                    Аҕа баһылыга буолбут
                    Ардьамаан-Дьардьамаан бухатыыр диэн
                    Ааккын суолгун истэр этим.
                    Од гынан баран
                    Ама даҕаны
             13390  Хайыр тааска хаххаланан,
                    Хара тыаны сирэйдэнэн,
                    Хабдьы-бочугурас аһылыктанан
                    Ханна да сылдьыбакка,
                    Хаҕыстыйан олорбутуҥ иһин
                                      316
                                  -
   319   320   321   322   323   324   325   326   327   328   329