Page 329 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 329
Аны манна кэлбэт гына,
Кэһэтэрим буолуо диэбитэ —
Тиэрэ баттатыа суох,
13570 Силиргэх бэйэлээх
Тирэхтээх үтүөтэ,
Тэтиэнэх киһи буолан биэрдэ.
Санаабыттарын курдук буолбата.
Хайалара даҕаны
Хады харбаппата,
Куду куустарбата,
Хомуру туттарбата,
Хоггоро быһыытыйбата,
Кыайыахпыт диэбит
13580 Кыһыылара күүһүрдэ,
Охторуохпут диэбит
Омуннара улаатта,
Лаппа соҕус тардыаластылар,
Кимиэллээх соҕустук кииристилэр,
Ыгыта соҕус ылыстылар,
Томороон модьутук тутуһан
Туруулаһан бардылар,
Хапсыспыт хапсыһыылара
Хатааннанан барда,
13590 Күрэхтэспит санаалара
Күүһүрэн истэ,
Охсуһуулара улаатта.
Кырбаһыы гиэнэ
Кытанааҕын кырбастылар,
Охсуһуу гиэнэ
Улаханын охсустулар,
Тэбиэлэһии гиэнэ
Минин тэбиэлэстилэр,
Үгүрэлэһэ-үгүрэлэһэ өттүктэстилэр,
13600 Хаһыытаһа-хаһыытаһа халбарытыстылар,
Эргэнэ хара тыаны
Иэдьэҕэй бадараан курдук
Илдьи тэбистилэр,
Иҥнэри үктээтилэр,
Дьогдьоон хара тыалары
Тоҕута тэпсэннэр,
Тоҕуһун үйэ тухары
Муҥура биллибэт,
Муус уораан буолар гына
- 321 -

