Page 325 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 325

Хараҕыҥ да сүүрдээх эбит.
                   Ама даҕаны
                    Күдэриктээх буурҕалаах
                    Күкүр таас хайаҕа
                    Күлүктэнэн үөскээҥҥин,
             13400  Көтөр-сүүрэр миининэн
                    Күөстэнэн аһааҥҥын,
                    Күбэтийэн олорбутуҥ иһин
                    Көҥөһүҥ да
                    Сүрдээх буолар эбит.
                   Бултаабыт булпун,
                    Булбут булуубун,
                   Ботуччу туппуппун
                    Ботуоҥкабын сүөрэн
                   Бука биэрбэтим буолуо.
             13410  Муҥнаныма даҕаны,
                   Хата былдьаһабын диэн,
                    Мыаннырьҥыҥ быстаарай,
                   Алыс арбанаҥҥын
                   Арбаҕаһыҥ түүтэ бураллаарай,
                    Наһаа санааҥнъш
                    Саҕынньаҕыҥ эҥэрэ сарымтаарай,
                   Саталаахха саҥарыма,
                   Дьыбардаахха тыыныма
                   Сэрэн, сэрбэн эрэ, — диэтэ.
             13420    Онуоха буоллаҕына
                   Ардьамаан-Дьардьамаан бухатыыр
                   Хаана-сиинэ быһытынна,
                   Хараҕа-сирэйэ уотганна,
                   Уоһа-тииһэ уһуктанна,
                   Уордайан-кыыһыран силбиэтэннэ,
                   Хардааччы соҕус саҥаны саҥарда,
                   Хадай соҕус тылы тылласта:
                      — Алаатыгар,
                   Алаатыгар, оҕолоор!
             13430  Көр да маны!
                   Көрдөрөн-туруоран
                   Көрө мэлдьэхтээх
                   Күтүрдээх түөкүн эбиккин,
                   Туттаран-туруоран
                   Тута балыырдаах
                   Торҕон уоруйах быһыылааххын,
                   Ханнык бэйэлээх

                                     317  -
   320   321   322   323   324   325   326   327   328   329   330