Page 330 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 330

13610  Тоҕута суоруйдулар.
                       Үрдүк хара тыаларын
                    Өҕүлүннэри тэпсэн,
                    Үйэ-саас тухары
                    Түгэҕэ биллибэт
                    Дьөлөркөй көҥүс буолар гына
                    Дьөлүтэ түһүстүлэр,
                    Күрэ тааһы
                    Көмүрүө хаар курдук
                    Көҥүтэ үктээтилэр,
             13620  Суорба тааһы
                    Суура муус курдук
                    Тоҕута тэбистилэр,
                    Бэтэрээ хайалар мэҥирэстилэр,
                    Анараа хайалар сатарыстылар,
                    Улаҕа хайалар оруластылар,
                    Түгэх хайалар күһүгүрэстилэр,
                    Суорба таастар
                    Тоҕута сууллан
                    Дуораһыйан түстүлэр,
              13630  Күкүр хайалар
                    Көҥүтэ баран
                    Күһүгүрүү сууллулар.
                    Мунуфун булларбатах
                    Муус Кудулу байҕал
                    Түгэҕиттэн түллэҥнээтэ,
                    Улаҕатытган уораһыйда,
                     Сиксигиттэн дэбилийдэ,
                    Аннытган айманна,
                    Аан халырыгынан аҥалыйда,
              13640  Сытыы чысхаан
                    Тыалынан тыынна,
                     Оботгоох сут тыалынан
                     Өрүтэ уһуурда.
                     Күн-ый көстүбэт
                     Күдэриктээх буурҕанан,
                     Буордаах силлиэнэн
                     Сабыта тибиирдэ.
                     Отут ургунньахтаах
                     Орто туруу дьоҕул дойдуну
              13650  Ордорбокко барытыгар
                     Нэс бэргэһэ саҕа
                     Силлиэ хаарынан
                                   -    322  -
   325   326   327   328   329   330   331   332   333   334   335