Page 333 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 333

Алтай тиэрбэс курдук
            13740  Аралыс гынан
                   Көстө-көстө сүтэн хаала турда.
                   Орто аан ийэ дойдум
                   Ойуулаах ото-маһа
                   Туораахтыын тооронон
                   Сэбирдэхтиин сиксилиннэ.
                   Бу тухары
                   Алаатыыр Ала Туйгун
                   Ардьамаан-Дьардьамаан бухатыыры кытта
                   Ат-биэ курдук айастылар,
            13750  Атыыр оҕустуу харыстылар.
                   Хайалара даҕаны
                   Тардыалаатар наймалдьыйбат
                   Ньахархай таманнаах,
                   Кэбиэлээтэр кэйбэлдьийбэт
                   Киппэ халыҥ киэптээх,
                   Куустар хомуллубат
                   Тол ору курбуһахтаах,
                   Тэбиэлээтэр ньиргийбэт
                   Тэтиэнэх ОЙОҔОСТООХ,
            13760  Этгээтэр илистибэт
                   Эр-дьэбир эттээх,
                   Кырбаатар кыларыйбат
                   Кытаанах ньыгыл быччыҥнаах,
                   Оҕустар уйадыйбат
                   Уола хааттар эбит.
                      Үктэммит сүһүөхтэрэ
                   Бүдүрүс гыммата,
                   Тэбиммит уллуҥахтара
                   Халтарыйан көрбөтө,
            13770  Туох да өртүлэриттэн
                   Тоҕута охсуһан,
                   Сүмэһин сүүрбэтэх,
                   Хайа да өртүлэриттэн
                   Хаан тахсыбатах,
                   Биирдэ бокус гынан
                  Тобуктуу түспэтилэр,
                   Биирдэ сири харбаан
                  Тайанан ылбатылар,
                  Тиириилээх айа кирсин курдук
            13780  Тэбис-тэҥ дьон буоллулар,
                     Ол курдук кинилэр

                                  -    325  -
   328   329   330   331   332   333   334   335   336   337   338