Page 335 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 335

Тохтоо болҕой эрэ,
                   Бу мунун булларбатах
                   Муус Кудулу байҕал хотун
                   Туората-устата биллибэт
                   Тумарыктаах туундаратын
            13830  Торолуйар тойоно,
                   Дуолан баатыра,
                   Аҕа баһылыга буолбут
                   Ардьамаан -Д ьардьамаан
                   Нойон киһиэ,
                   Туох буоллуҥ
                   Тохтоо, болҕой эрэ!
                   Өрүөбүт уоспут
                   Үгэтин ӨЙДӨӨҤ,
                   Хоммут уоспут
            13840  Хоһоонун холобурдааҥ,
                   Этэр тылбыт
                   Эгэлгэтин истэн
                   Туруҥ эрэ!
                      Эһиги ДИЭТЭХ ДЬОН
                   Аҕыс айыы төрдүттэн
                   Биир алгыска анаммыккыт,
                   Дьөһөгөй Айыы Тойонтон
                   Биир төлкөнү төлкөлөммүккүт,
                   Айыы хаан аймахтарын
            13850  Адьарай бөҕөттөн
                   Араҥаччылыахтара диэн
                   Албан ааты аатгаабытгара,
                   Дьоһун сураҕы уурахтаабыттара,
                   Дохсун күүстээх
                   Дуолан бухатыырдар оҥорбуттара,
                   Күн өркөн ууһун
                   Көстүбэт бөҕөттөн
                   Көмүскээтиннэр диэн,
                   Күдэн күүстээбиттэрэ,
            13860  Модун моойдообуттара,
                   Умса түһээри гыннахтарына,
                   Сүүстэритгэн өйөстүннэр,
                   Тиэрэ түһээри гыннахтарына,
                   Кэтэхтэриттэн өйөстүннэр,
                   Күүстэрин холбоон
                   Көстүбэт бөҕө
                   Күтүрдээх үлүгэрдэрин
                                  -    327  -
   330   331   332   333   334   335   336   337   338   339   340