Page 337 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 337
Өһөхтөөх-мэккиэрдээх
Үөдэн дьоно эбит.
Кэскиллээх тыл диэн
Кэрэхсээн истибэт
Хара ньоҕой санаалаах,
Хардааччы сигилилээх,
Хаһыаннаах ейдөөх
Кэбэлкэй дьон эбит.
Кэбиһиҥ, доҕоттоор!
13920 Биһиги эрэ
Кыайан араартыыр
Кыахпыт суох буолсу.
Үөһээ бөҕөс
Аҕыс айыы төрд үттэн
Аҕыс ааттаах
Бухатыыры талан түһэрэн,
Чороччу кэлгиттэрэн
Туттара охсуохха, — дэһистилэр.
Биир сылбаргылара,
13930 Сыьщам быһыйдара
Сындыыс уот курдук
Сындылыс гынан хаалла.
Өр да буолтун билбэтилэр,
Өтөр да буолтун билбэтилэр,
Киэҥ халлаан кэдэлдьийдэ,
Үрдүк халлаан өҕүллэҥнээтэ,
Тоҕус дохсун этиҥ
Тоһута суоруйда,
Сэттэ тэргэн этиҥ
13940 Дэлбэритэ барда,
Аҕыс дьаҥсал этиҥ
Хайыта дьааһыйда,
Аҕыс алтан килиэ куйахтаах
Аарыма бухатыырдар
Аҕыс сиргэ кэлэн,
Сүллээх этиҥ
Маска дьааһыйарын курдук
Ньир гына
Өрө саалла түстүлэр.
13950 Ол гынан баран
Охсуһа турар бухатыырдары
Синньигэс бииллэриттэн
Тимир эрэһэ быанан
329 -

