Page 339 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 339

Үөл отун-маһын
                   Үлтү сынньан,
                   Үрүҥ күдэн курдук
             14000  Үрдүк халлаан өрөһөтүгэр
                   Өрө үрэн,
                   Өрүкүтэн таһаарда
                   Кырыстары-буордары
                   Кылбаччы мэлитэн,
                   Кытыылыыр сылгы саҕа
                   Кыһыл сымара тааһынан
                   Кыһыгыраччы тибэн,
                   Кыскыйа турда.
                   Күнү-ыйы бүөлүүр
             14010  Күкүр хайалар төбөлөрүн
                   Күрэ таастара
                   Көҥүтэ сынньыллан,
                    Үлтү ытыллан,
                    Күдэрик буурҕанан оргуйан,
                    Күҥкүнэһэ турдулар.
                   Туруук хайалар дьулаҕайдара
                   Дохсун буурҕаттан
                   Торҕон бөрө курдук
                    Улуйан онолустулар.
             14020  Тараҕай таастар
                    Саталаах тыалтан
                    Сырҕан эһэ курдук
                    Часкыйа хаһыыра турдулар.
                    Онтон ыла бу дойду
                    Ото-маһа отох,
                    Сирэ-дойдута лээби,
                    Килэмэн мэлискэх,
                    Киэҥ эйгэлээх
                    Туманнаах буурҕалаах
             14030  Дьулаахыр халтан
                    Дойду буолбут эбит.
                       Бу сириэдийэн үөскээбит
                    Сир ийэ хотугу өртүн
                    Хоточчу тэпсибитгэрэ,
                    Иҥнэри үктүөбүтгэрэ —
                    Иитэ саҕата биллибэт
                    Элэй-мэлэй
                    Эрбэдэһин дуоһун дойду буолан,
                    Иҥнэри тардан түспүт эбит.
                                   -    331  -
   334   335   336   337   338   339   340   341   342   343   344