Page 344 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 344

Оборон ыла турар
                    Омуна тохтоото,
                    Уоскуйан намыраата.
                       Ити икки ардыгар
                    Күүстэрин төбөтүнэн аҥаарын
                    Супту оборон ылбыт эбит.
                       Алаатыыр Ала Туйгун
                    Күүһүн аҥаарын
             14220  Аан дойдуга
                    Үөскээн турар
                    Ынах-сьшгы сүөһүгэ
                    Анаан үллэһиллэр гына
                    Өрө үрэн өрүкүтэн кэбистэ.
                       Онтон ыла
                    Сылгы-ынах сүөһү
                    Сылайбат сындааһыннаах,
                    Элэйбэт иҥиирдээх
                    Ыары ыҥыырдар,
             14230  Ыараханы тардар
                    Күүстээх-уохтаах
                    Көлүйэр көлө,
                    Миинэр миҥэ буолан,
                    Күн айыы аймахтара
                    Күн бүгүнүгэр диэри
                    Ол Алаатыыр Ала Туйгун
                    Күүһүттэн туһана сылдьаллар үһү.
                       Ардьамаан-Дьардьамаан бухатыыр
                    Күүһүн аҥаарын
              14240  Тайах-таба кыылга анаан,
                    Үлтү охсуллан
                    Үллэһиллэн хаалар гына,
                    Өрө үрэн кэбиспитэ —
                    Тайах-таба кыылга
                    Үллэһиллэн хаалта үһү.
                       Онтон ыла
                    Таба коло
                    Сылайбат сындааһыннаах,
                    Элэйбэт иҥиирдээх,
              14250  Илистибэт эттээх,
                    Уйадыйбат унуохтаах,
                    Уҥмат тыҥалаах,
                     Быһый атахтаах,
                     Сыьщам сырыылаах,
                                   -    336  -
   339   340   341   342   343   344   345   346   347   348   349