Page 347 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 347
Алаатыыр Ала Туйгун
Ардьамаан-Дьардьамаан бухатыырдыын
Охсуспутгара уурайан,
Уохтара харан,
Омуннара тохтоон,
Уоскуйан-намырайан,
Утарыта көрсүһэн,
Олорунан кэбистилэр.
Хонук хонон,
14350 Күн өркөн
Көлбөҕүрэ мустубут
Күөх-дьай
Көлбөхтөөх көлөһүннэрин
Харыларын таһынан
Хастыы-саралыы туора-маары
Дьуккурута соттон кэбистилэр.
— Биир айыыттан айыллыбыт,
Биир дьөһөгөйтөн төлкөлөммүт
Аналлаах-миҥнэллээх*
14360 Үөлээннээх үтүө
Доҕордуу буолан бараммыт,
Өһөс өйбүтүгэр,
Хадай хааммытыгар,
Хардааччы сигилибитигэр,
Бардам майгыбытыгар,
Дохсун санаабытынан
Солуута суохтан
Сылтаһан-төрүөттэһэн,
Уһун сутуллаах
14370 Охсуһууну охсуһаммыт,
Улахан буруйу оҥороммут,
Дьөһөгөй айыы төрдүттэн
Сүдү дьүүлгэ түбэһэн,
Улахан уураахха ууруллан,
Ороскуоттаах хааллахпыт, — диэн,
Сүөм түһэн, харыс хаалан,
Курудуйан*-хомойон,
Куру-сары буолан,
Кэмсинэ-кэмиринэ
14380 Олорбутгара үһү:
— Биһиги диэтэх дьон
Иккиттэн биирбит
Илистэр эттээх,
- 339 -

