Page 348 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 348

Сылайар сындааһыннаах,
                   Уйадыйар унуохтаах буолан,
                   Охсуһуу күүһүттэн
                   Уйбакка-тулуйбакка,
                   Охтон биэрэн,
                   Өлөн өһөн
             14390  Хаалта буоллар,
                   Кэнэҕэски дьоҥҥо,
                   Кэнчээри ыччакка
                   Кэмсилгэннээх-хомолтолоох,
                   Кэлэйиилээх-хоргутуулаах
                   Кэпсээҥҥэ сылдьыа этибит,
                   Сэттээх-сэлээннээх,
                   Сэмэл ээх-сугосал аах
                   Сэһэҥҥэ киириэ этибит,
                   Хомолтолоох-хоргутуулаах
             14400  Хоһооҥҥо туойуллуо этибит,
                   Тэҥнээх сэтэ,
                   Холоонноох хоһута,
                   Үөлээннээх үөҕүүтэ,
                   Буолар эбиппитдэсиһэн,
                   Кыратган даҕаны
                   Сылтанан баран,
                   Кыһыл тыл кыһыытыттан
                   Кыырыктаах охсуһууну охсуһан,
                   Кыһыл эппитин
             14410  Кырбастаһа сыстыбыт.
                   Тыл баҕайы
                   Чыыбыргыыр кыһыыта
                   Чыпчахайынан таһыйардаарр
                   Сытыы эбит,
                   Кыһыл тыл
                    Кыдьыктаах кыыбаҕата
                    Кымньыынан таһыйардааҕар
                    Кытыан эбит.
                    Ордук хоһу тыл
             14420  Оботтоох сүлүһүнүн кэриэтэ
                   Уотунан таҕаттарбыт
                    Ордук буолсу,
                    Этэр тыл эгэлгэтин
                    Элэмэстээх эриэнэ,
                    Имэҥнээх соллоҥо
                    Иирээннээх-илбистээх эбит.

                                    340  -
   343   344   345   346   347   348   349   350   351   352   353