Page 352 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 352

Аналлаах-мүнэллээх атаскааным,
                    Доҕорго холуйбатах
                    Дьоһуннаах үтүө
                    Доҕорум оҕотоо!
             14560  Эрэмньи тылбын эттим,
                    Эрэллээх санаабын биллэрдим, — диэтэ.
                       Онуоха буоллаҕына
                    Алаатыыр Ала Туйгун
                    Саманнык диэн,
                    Саҥа саҥара
                    Олорбута эбитэ үһү:
                       — Дьиэ буо, дьиэ буо!
                    Ү үннээх-ыныырдаах
                    Үөлээннээх үтүө доҕоруом,
             14570  Өрүөбүт уоһум
                    Үгэтин өйдөө,
                    Хоммут уоһум
                    Хоһоонун холобурдаа.
                       Бу илин өртүбүн
                    Эргиччи көрдөхпүнэ,
                    Аҕыс өргөстөөх
                    Саргылаах сардаҥалаах
                    Аламай маҥан күнүм
                    Сандаарыччы тыган,
             14580  Лаглайа ойон тахсар
                    Чаҕылыйар арҕастаах
                    Сарбынньах таас хайа
                    Дьарҕааланар дьайыҥнаах,
                    Соҕуруу диэки өртүбүн
                    Тула көрүннэхпинэ,
                    Тоҕус өргөстөөх
                    Туламан маҥан күнүм
                    Туналыйар сырдыгар
                    Толбоннура оонньуур соһу күөх
              14590  Туруук хайа тулалаах,
                    Арҕаа диэки өртүбүн
                    Арыйа баттаан көрдөхпүнэ,
                    Киирэн эрэр күнүм
                    Кэтэх өртүгэр
                    Кистээн саһыарар
                    Кэрдиис таас хайа
                    Киэркэйэр эркиннээх,
                    Хоту өртүбүн

                                   -    344  -
   347   348   349   350   351   352   353   354   355   356   357