Page 355 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 355
Доҕордуу-атастыы
Буолуохпут диэннэр,
Уу хоннохторун анныттан
Утарыта куустуһан туран,
Үөһээ-аллараа уостарьптан
14690 Үстүү хамыйах хааны
Суптурута оборсон ыллылар.
Арахсыбат атас,
Тулхатыйбат доҕор дьон
Буоллахпыт диэннэр,
Үөрэн-көтөн,
Эйэлэһэн-көнсөн
Арахсыбыттара үһү.
Онтон ыла
Ороһулаан төрүүр оҕолоро,
14700 Аймах-билэ дьонноро
Тоҥус икки, саха икки
Бултуур бултарын быһаҕастаһан,
Булар булууларын аҥаардаһан,
Биир күөлү
Икки өртүнэн куйуурдаан,
Биир үрэҕи
Икки өртүнэн илимнээн,
Биир ойууру
Икки өртүнэн бултаан,
14710 Биир тараҕай таас хайа
Хоту-соҕуруу тэллэҕэр
Ыкса ыаллыы,
Чугас доҕордуу
Эт-хаан, уруу-аймах буолан,
Булкуһан-тэлкиһэн,
Будуруһан-күдүөрүһэн,
Үөскээн-тэнийэн,
Үксээн элбээн,
Күн бүгүнүгэр тиийэ,
14720 Үөрэ-көтө олороллоро эбитэ үһү.
Алаатыыр Ала Туйгун
Бар хара тыа
Бастар бараммат
Балысхан баайыгган
Мунура биллибэт
Буолунай үгүс
Булдутган-аһытган
- 347 -

