Page 356 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 356
Бочугурастаах тииҥи бултаан,
Илиитигэр туппутунан
14730 Иитиллэн үөскээбит
Ийэ дойдутугар
Кун Тэгиэримэ Эбэ хотун
Дьогдьойор саалыгар,
Туналыйар ньууругар,
Килэдийэр киинигэр,
Иэримэ дьиэтигэр,
Аан алаһатыгар,
Кэтит ордуутугар,
Кэкэ чуоругар
14740 Тиэтэйэ-саарайа,
Сиэлэн-хааман
Т эгилийэн-урбайан,
Тиийэн кэлэн,
Сэттэ тэтиэнэх киһи
Нэһииччэ сэгэтэн киирэр
Дьиппиэн хара халҕанын
Тэлэйэ баттаан,
Аҥаар атаҕьш
Иһирдьэ уган,
14750 Атыллаан эрдэҕинэ,
Кун сирин
Көтөрү* баттаан көрдөрбүт
Күбэй хотун ийэтэ
Кылааннаах өргөстөөх
Кыыс Ньургун бухатыыр
Саҥа аллайбытынан,
Үөрэн-көтөн мичилийбитинэн
Уолугар утары хааман кэлэн,
Уол оҕо барахсан
14760 Бултаан-астаан,
Бурҕайан-с иргэйэн,
Булан-талан
Ботуччу тутан киирэрэ
Үчүгэй да эбит,
Бочугурастаах тииҥин
Ытыһыгар түһэрэн ылла.
Оҕо барахсан
Бултаабыт булда
Ийэтигэр-аҕатыгар
14770 Итинник күндү буолар эбит.
- 348 -

